Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 6 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 06.05.2024 Дьөгүөрэйэп күнэ. Эрдэтээнни кустар кэлиилэрэ, сайылыкка көhөр кэм.
4 күнүнэн: 09.05.2024 Кыайыы күнэ.
8 күнүнэн: 13.05.2024 Бүгүн ичигэс, ыраас туун буоллаҕына - сайына ардаҕа суох.
9 күнүнэн: 14.05.2024 Дьэрэмэйэп күнэ. Ыhыы саҕаланар. Бүгүн үчүгэй күн буоллаҕына - сир аhа өлгөм үүнүүлээх.
         
    

Түүлү тойоннооһун-Ц

Бравина Р.И. 

ЦИРК
Цирк — ночоотурууга көстөр.
Циркэҕэ оонньууну көрүү — харчыттан сылтаан санааҕа ылларарга.
Цирк үлэһитэ буолуу — аймахтарын улахан сууммаҕа ночоотуралларыгар.
Цирк умайара — олох үтүө диэки салалларыгар.

ЦЫГАН
Цыганы көрдөххүнэ — чугастааҕы кэмҥэ билэр киһин толук ууран туран харчы иэс көрдүө.
Бэйэн цыган буолбуккун — иэскэ киирэргэр.
Цыганы кытта үнкүүлүүгүн — тапталынан үлүһүйүмэ, содур ыарыыттан сэрэн.
Цыганы кытта арыгылыыгын — итирэҥҥин туох эрэ куһаҕаҥҥа түбэһиэххин сөп.
Цыганнары кытта сылдъаҕын, бииргэ олороҕун — дьадайыы, эстии-быстыы суоһуур.

Суруйда Baaska. 2011-12-12 18:57:03 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ