Таал-Таал эмээхсин олорбута үһү. Таал-Таал эмээхсин бэстэлиэннэй ынаҕын өлөрөн сиэн баран, таалын эрэ ордорон, ардьаахха хатара ууран баран, уу баһа киирбит. Икки ыаҕаска уутун баһан таһааран, уу кытыытыгар ууран баран, хатыыскалыы сылдьыбыт. Ол хатыыскалыы сылдьан, сыыһа тирэнэн, сототун тосту түһэн кэбиспит.