Туйахтан 4 порция миини бэлэмниир буоллахха буһарарга анаан:
- Ыраастаныллыбыт 1,5 килограмм туйах
- 2 литр уу
- 100 грамм туус
Туйаҕы кэрчиктэргэ кырбаныллар, сууйуллар уонна ууга оргутуллар. Оргуйаатын кытары уот күүһүн арыый мөлтөтүллэр. Туйах үллэ буһуута туустаныллар. Сөпкө буспутун кэннэ хоторуллар уонна сэлиэйдэниллэр. Туйах миинигэр чөчөгөй кутуллар. Туйаҕы анал тус-туспа тэриэлкэлэргэ эбэтэр уопсай тэриэлкэҕэ ууруллар, миинин кытыйаларга, эбэтэр пиалаларга кутан бэриллэр.
И.И. Тарбахов "Эн остуолун сахалыы астара". Якутскай - 1991.