Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 7 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 22.05.2024 Сааскы Ньукуолун. Сайын саҕаланар күнэ.
7 күнүнэн: 26.05.2024 Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр. Хаас үөһээнэн аастаҕына - уулаах саас.
9 күнүнэн: 28.05.2024 Чэбдигирдэр сууруу кунэ.
13 күнүнэн: 01.06.2024 О5о кемускэлин кунэ. Эһэ, саарба, саһыл сүүллэрэ.
         
    

Таал-Таал эмээхсин

Таал-Таал эмээхсин олорбута үһү. Таал-Таал эмээхсин бэстэлиэннэй ынаҕын өлөрөн сиэн баран, таалын эрэ ордорон, ардьаахха хатара ууран баран, уу баһа киирбит. Икки ыаҕаска уутун баһан таһааран, уу кытыытыгар ууран баран, хатыыскалыы сылдьыбыт. Ол хатыыскалыы сылдьан, сыыһа тирэнэн, сототун тосту түһэн кэбиспит.

Ол сытан:
- Муус - муус, бэккиэн? - диэбит.
- Муус - муус бэрдим ханна барыай.
- Муус - муус бэрт - бэрт буоллаххына, күн - күн уота тоҕо уулларар?
- Күн - күн уота бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Күн - күн уота бэккиэн?
- Күн - күн уота бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Күн - күн уота, бэрт - бэрт буоллаххына, таас - таас хайа тоҕо хаххалыыр?
- Таас - таас хайа бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Таас - таас хайа, бэккиэн?
- Таас - таас хайа бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Таас - таас хайа, бэрт - бэрт буоллаххына, тыал - тыал тоҕо суоһарар?
- Тыал - тыал бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Тыал - тыал, бэккиэн?
- Тыал-тыал бэрдим - бэрдим ханна барыай?
- Тыал - тыал, бэрт - бэрт буоллаххына, от - мас тоҕо хаххалыыр?
- От - мас бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- От - мас, бэккиэн?
- От - мас бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- От - мас, бэрт - бэрт буоллаххына, уот - уот тоҕо сиир?
- Уот - уот бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Уот -уот бэккиэн?
- Уот - уот бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Уот - уот, бэрт - бэрт буоллаххына, уу - уу тоҕо умуруорар?
- Уу - уу бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Уу - уу, бэккиэн?
- Уу - уу бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Уу - уу, бэрт - бэрт буоллаххына, быһыт - быһыт тоҕо хаайар?
- Быһыт - быһыт бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Быһыт - быһыт, бэккиэн?
- Быһыт - быһыт бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Быһыт - быһыт бэрт - бэрт буоллаххына, сур күүдээх тоҕо супту сүүрэр?
- Сур күүдээх бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Сур - сур күүдээх бэккиэн?
- Сур - сур күүдээх бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Сур - сур күүдээх, бэрт - бэрт буоллаххына, ыт - ыт тоҕо тутан сиир?
- Ыт - ыт бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Ыт - ыт, бэккиэн?
- Ыт - ыт бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Ыт - ыт, бэрт - бэрт буоллаххына, бөрө - бөрө тоҕо куттуур?
- Бөрө - бөрө бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Бөрө - бөрө, бэккиэн?
- Бөрө - бөрө бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Бөрө бөрө, бэрт - бэрт буоллаххына хахай - хахай тоҕо тутагн сиир?
- Хахай - хахай бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Хахай - хахай, бэкиэн?
- Хахай - хахай бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Хахай - хахай, бэрт - бэрт буоллаххына, киһи - киһи тоҕо бултуур?
- Киһи - киһи бэрдэ бэрт буоллаҕа эбээт.
- Киһи - киһи, бэккиэн?
- Киһи - киһи бэрдим - бэрдим ханна барыай.
- Киһи - киһи бэрт - бэрт буоллаххына... - диэн иһэн Таал - Таал эмээхсин өлөн хаалбыт. Онон ким саамай бэрдэ биллибэккэ хаалбыт.

Г.У. Эргис "Саха остуоруйалара". Бичик - 1994. 104 стр.

Суруйда Baaska. 2011-12-09 22:29:59 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ