Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 22.05.2024 Сааскы Ньукуолун. Сайын саҕаланар күнэ.
7 күнүнэн: 26.05.2024 Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр. Хаас үөһээнэн аастаҕына - уулаах саас.
9 күнүнэн: 28.05.2024 Чэбдигирдэр сууруу кунэ.
13 күнүнэн: 01.06.2024 О5о кемускэлин кунэ. Эһэ, саарба, саһыл сүүллэрэ.
         
    

Саһыл өлөрдөххө. Сиэр-Туом.

Саһыл өлөрөн кэллэххинэ, ааны тоҥсуйаҕын уонна эмээхсиҥҥэр:
– Саһыл өлөрдүм. Уоккар аста кээс, – диигин.
Сүөгэй буоллун, үөдэн буоллун. Баһыгыратар (умайан) буоллаҕа. Дьэ ол Байанайдыыр быһыыҥ. Саһылгын өрө көтөҕөн тураҥҥын, сыт үөһэ тутан тураҥҥын: “Һэккэй! Һэккэй! – дии-дии эккириигин. “Баай барыылаах, аһаа”, – диигин.
 
Саамай муннукка, хараҥа сиргэ, саһылгын суулаан баран ириэр диэри ууран кэбиһэҕин. Үс хонон баран сүлэҕин. Син биир өлбүт киһи курдук. ¥с хоннороҕун. Киэһэ аайы уоккар ас биэрэҕин. Байанай соһуйуо диэн күргүйдэспэккин, ыараханнык тыаһаабаккын, тимири тыаһаппаккын. Ол эбэтэр, саһылыҥ тахсыар диэри эрэйдэнэҕин. Байанай соһуйуо, аны бултуйуом суоҕа диэн.
 
Федор КОНОНОВ, Үөһээ Бүлүү, 3-с Күүлэт, 1970 с.  суруллубут .http://www.kyym.ru - сайттан. "Кыым" №44  2016.11.10

Суруйда Baaska. 2017-05-11 23:41:54 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ