- 500 г сибиэһэй тэллэй
- Ыстакаан аҥаара сүөгэй
- 1 кыра ньуоска бурдук
- 2 улахан ньуоска арыы
Ыраастаммыт, сууйуллубут сибиэһэй тэллэйи кыра гына кырбаан, туустаан арыыга ыһаарылыыллар. Таһаарар саҕана бурдук эбэллэр, булкуйа туран сүөгэйгэ куталлар, туустууллар уонна кыратык тэптэрэллэр. Остуолга тардарга петрушка эбэтэр укуруоп күөҕүн кырбаан куталлар. Сүөгэйдээх тэллэйи духуопкаҕа буһарыахха эмиэ сөп. Онуоха сыры быьтарытан куталлар уонна хобордоохтору итии духуопкаҕа уган 5-7 мүнүүтэ саһарыар диэри буһараллар.
"Кыым" хаһыат 2016 с. балаҕан ыйын 8 күнэ