Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 7 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 22.05.2024 Сааскы Ньукуолун. Сайын саҕаланар күнэ.
7 күнүнэн: 26.05.2024 Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр. Хаас үөһээнэн аастаҕына - уулаах саас.
9 күнүнэн: 28.05.2024 Чэбдигирдэр сууруу кунэ.
13 күнүнэн: 01.06.2024 О5о кемускэлин кунэ. Эһэ, саарба, саһыл сүүллэрэ.
         
    

Таһырдьа тахсан оонньуох

Сотору сайыммыт сатыылаан, таһырдьаттан киириэҕи баҕарыллыбат күннэр - дьыллар кэлиэхтэрэ. Ийэлэр үксүлэрэ оҕолорун аралдьытар үгэс буолбут кыһыҥҥы дьарыктарын тохтотон, таһырдьа тахсыахтара.
 

Онуоха сибиэһэй салгыҥҥа аҥаардас оҕону күүлэйдэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, кинини сайыннарар, аралдьытар оонньуулары толкуйдуохха сөп.

Холобура 2-3 саастаах оҕолору аралдьытан, маннык хамсаныылаах оонньуулары үгэскэ кубулутун.

Төһө да судургу курдуктарын иһин, 2-3 саастаах оҕо сааһыгар сөп түбэһэр.

Сырсыалаһа оонньуубут

Сырсыакалаһа оонньооһун - оҕо эрэ сөбүлүүр оонньууларыттан биирдэстэрэ. Оҕоҕо интириэһинэй буоларын туһугар оруолларга арахсын.
Ийэ-куоска, оҕо кутуйах буолар. Ону сэргэ бөрө уонна куобах, оҕо уонна эһэ, чоппууска уонна саһыл буолуохха сөп.

Аан бастаан сырсыһа оонньуур буоллаххытына, бу оонньуурга оҕону үөрэтиэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ, 2 саастаах оҕоҕор "мин куоска буолуом, эн кутуйах буол" диэтэххинэ, эйиигин олус интириэһиргээн одуулуо уонна салгыы туох буоларын кэтэһэн туруо. Ол иһин, ийэ аччыктаабыт куосканы үтүктэн көрдөрүөхтээх уонна "Ух, мин куоскабын, Мяу! Мяу! Мин аччыктаатым. Кутуйахтар ханна баалларый? Билигин эһигини сырсыам!" диир. Ийэ көрдөөхтүк саҥара саҥара кыра оҕотугар кэлэр уонна сэрэнэн кычыкылатар. Оччоҕо оҕо кинини кычыкылатар куоскаттар тэбиэһирэн күлэ-күлэ куотар. Сырсыһа оонньооһн саҕаланнаҕа ол.

"Мин ыйбыт сирбэр сүүр"

Бу оонньуу оҕо тулалыыр эйгэҕэ үөрэнэригэр көмөлөһөр уонна хамсанарга кыах биэрэр.

Ийэ:"Иккиэн массыына (паровоз) буолуох", - диир. Массыынаны үтүктэн, биир сиргэ туран эрэ массыына мотуорун курдук куугунуур уонна "пип-пип" диэн көрдөөхтүк саҥарар. Онтон: "Массыыналар аны хайаҕа барыаҕын", - диир. "Массыыналара" бары хайаҕа "бараллар". "Аны дьиэҕэ барабыт!" - диир. Ити курдук оҕолор дьиэҕэ, хайаҕа төттөрү-таары сүүрэллэр.

Кырачаанын турбут сиригэр таалан турар уонна ханна да сүүрбэт буоллаҕына, киниэхэ көмөлөһөн оҕоҕун илиигэр ыл уонна бииргэ сүүр. Оччоҕо кини сыыйа - баайа оонньууга кыттыһыа уонна бэйэтэ оонньуур буолуо.

"Көтөрдөр" көтөллөр

Оҕолор ийэлэрин кытары былаһааккаҕа сүүрэллэр уонна көтөрдөрү үтүктэн, "кынаттарынан" сапсыналлар, тобуктаан олороллор, "туораахтары тоҥсуйаллар".

Ийэ эмискэ: "Уой! Куоска иһэр, дьиэҕэ саһыахха!" - диэн хаһыытыыр. Оҕолор ийэлэрин кытары кыра дьиэҕэ эбэтэр былаһааккаҕа сабыылаах сиргэ сүүрэллэр.

Онтон ийэ куоска барбытын, онон салгыы күүлэйдиэххэ сөбүн туһунан этэр. Оҕолор үөрэ-көтө төттөрү тахсаллар уонна оонньообутунан бараллар.

"Дулҕаларга" ыстанабыт

Ийэ сиргэ төгүрүктэри, тэҥ өрүттэрдээх көнө муннуктары уо.д.а. геометрическай уруһуйдары оҥорор. Асфальтка эбэтэр сиргэ маһынан уруһуйдуур. Ол уруһуйдара "дулҕалар" буолаллар. Саамай ыраах сытар "дулҕаҕа" ийэ тугу эмэ уурар. Холобур араас формалар угуллубут биэдэрэлэрин.Ийэ оҕотугар биэдэрэни ылан аҕаларыгар көрдөһөр. Ол гынан баран оҕо "дулҕаларынан" эрэ барыахтааҕын баһаарар. Оҕо атахтарын "дулҕаларга" уураары араастык хамсанар.

Бу оонньуу оҕо биир сүрүннээх буолар дьоҕурун (координация) сайыннарар.

"Бэргэнник ытыы"

Өскөтүн ойуурга сылдьар кэмҥитигэр оонньуур буоллаххытына, бу оонньууга туораахтар уонна мас сыыһа барсаллар. Онтон былаһааккаҕа мээчиктэри эбэтэр атын оонньуурдары туһаныахха сөп.

Оҕолор ийэлэрин кытары ханнык эмэ эбийиэктэн (хайаттан, мастан уо.д.а.) наһаа ырааҕа суох тураллар уонна оонньуурдарын ол эбийиэккэ таба быраҕа сатыыллар.

Бу оонньуу оҕо бэргэн буоларыгар үөрэтэр.

Надежда Егорова бэлэмнээһинэ. "Саха ыала". "Саха сирэ" хаһыат сыһыарыыта. 2016 сыл ыам ыйын 12 күнэ.

Суруйда Baaska. 2016-05-26 01:04:43 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ