Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 2 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 22.05.2024 Сааскы Ньукуолун. Сайын саҕаланар күнэ.
7 күнүнэн: 26.05.2024 Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр. Хаас үөһээнэн аастаҕына - уулаах саас.
9 күнүнэн: 28.05.2024 Чэбдигирдэр сууруу кунэ.
13 күнүнэн: 01.06.2024 О5о кемускэлин кунэ. Эһэ, саарба, саһыл сүүллэрэ.
         
    

Саҥа хоһоон: Сэгэй - Мин кэллим.

МИН КЭЛЛИМ...

Доҕоттоор, мин кэллим дойдубар,
Ийэкэм төрөөбүт сиригэр,
Дьааҥы таас хайатын тэллэҕэр,
Сэбээн Күөл алгыстаах сиригэр!

Уучахтар тоҥ хаары силэйэн
Күн суолун батыһа сүүрэллэр,
Эрчимнээх, эйэҕэс эбээннэр
Эбэҕэ һээдьэлээн тэйэллэр.

Дууһабар ыллыыллар ымыылар,
Былыттар усталлар тулабар,
Иэйиикэм кылларын таарыйа
Айылҕа кэрэтэ арыллар.

Доҕоттоор, мин кэллим дойдубар,
Күн тахсар хайатын анныгар
Ийэкэм төрөөбүт биһигэр,
Сэбээним эриэккэс сиригэр!

СЭГЭЙ. 02.04. — 06.04. 2016 с.

Суруйда Baaska. 2016-05-17 20:04:41 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ