Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 6 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 22.05.2024 Сааскы Ньукуолун. Сайын саҕаланар күнэ.
7 күнүнэн: 26.05.2024 Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр. Хаас үөһээнэн аастаҕына - уулаах саас.
9 күнүнэн: 28.05.2024 Чэбдигирдэр сууруу кунэ.
13 күнүнэн: 01.06.2024 О5о кемускэлин кунэ. Эһэ, саарба, саһыл сүүллэрэ.
         
    

Эмтээх үүнээйилэри хомуйуу кэмэ.

Дьыл хайдах иһэриттэн кэтээн көрөн, үүнээйилэри хомуйабыт. Ол эбэтэр саас эрдэ кэллэҕинэ, от мас тыллыыта эмиэ эрдэлиир, хойуутаатаҕына хойутуур. Ити нэдиэлэ иһинэн-таһынан буолар эбит.
Эмтээх үүнээйини хомуйуу күнүн - дьылын маннык араараллар:

  • Отон сэбирдэҕэ - ыам ыйын 10-15 уонна 20-22 күннэрэ.
  • Хатыҥ уута - ыам ыйын 16-18 күннэрэ.
  • Ньургуһун - ыам ыйын 23-27 күннэрэ.
  • Хатыҥ сэбирдэҕэ - ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри.
  • Үөрэ ото - бэс ыйын 8 күнүтэн от ыйын 1 күнүгэр диэри.
  • Хаас ото - от ыйын 2-3 күннэрэ.
  • Оҕонньор ото - от ыйын 7-9 күннэрэ.
  • Бохсурҕан - от ыйа, атырдьах ыйа.
  • Харыйа от - от ыйын 11 - 12 уонна атырдьах ыйын 21-25 күннэрэ.
  • Тимэх от - от ыйын 20 - 24 күннэрэ.
  • Кучу от - от ыйын 15-20 күннэрэ.


Үүнээйини үчүгэйдик билэн эрэ баран хомуйуохтааххыт. Тиэхника үгүстүк сылдьар сириттэн, суол чугаһыттан ылыллыбат.
Хомуйар сиргэ бөдөҥ үүнээйилэри сиэмэ ыһалларыгар анаан көтө көтө ордорон хааллараллара табыгастаах. Ол тустаах үүнээйи саппааһа чөл буоларын хааччыйар. Айылҕабыт бэлэҕэ куруук дэлэй буоларыгар кыһаллыахтаахпыт.
Бэлэмнэммит үүнээйинианал иһиккэ уган, бэлиэ сурук оҥоһуллар (этикетка) оҥоһуллар: аата, чааһа, күнэ, ыйа, сыла ыйыллар.
Үүнээйи силиһин күһүн, ото хаппытын кэннэ, күрдьэҕинэн быһаҕынан хаһан ылыллар. Сииктээх кэмҥэ, ардахтаах да күн хомуйуллар. Силиһи, буорун сыыһын ыраастаан баран, сөрүүн ууга сууйуллар, таҥас үрдүнэн салгыҥҥа сараҕыта түһэн баран, чөл өттүн быһан ылыллар, буортуйбутун ьбыраҕыллар.
Ити курдук үүнээйи ситэрин, сайдарын кэтээн көрө сылдьан, кэмигэр хомуйан эмп-томп оҥоһуннаххына, быдан иҥэмтиэлээх буолар эбит.

Екатерина Афанасьева "Кыым" хаһыат 2015 сыл ахсынньы 3 күнэ.

Суруйда Baaska. 2016-03-29 17:51:57 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ