Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 1 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
3 күнүнэн: 22.05.2024 Сааскы Ньукуолун. Сайын саҕаланар күнэ.
7 күнүнэн: 26.05.2024 Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр. Хаас үөһээнэн аастаҕына - уулаах саас.
9 күнүнэн: 28.05.2024 Чэбдигирдэр сууруу кунэ.
13 күнүнэн: 01.06.2024 О5о кемускэлин кунэ. Эһэ, саарба, саһыл сүүллэрэ.
         
    

Айхаллан Дьокуускай!

Дорообо Кэрэ киэн Туймаадам,
Долгуйар Дьокуускай куоратым!
Эн сүдү ааккынан киэҥ тутта
Турабын Айхалбын тириэрдэ!

Эндиэрдээх кэмнэрдиин эрийсэн,
Эллэһэн, киэҥ сиргэ тэнийэн
Улааттыҥ, Аар саарга аатырдыҥ!
Аан дойду эрэлэ Эн буоллуҥ!

Дьоһуннаах дьоннору таһаара
Билиигэ, үрдүккэ таластыҥ.
Киэҥ куйаар биллибэт эйгэтиг
Киэҥ тутта бар дьоҥҥо биллэрдиҥ!

Күнтэн күн киэркэйэ симэнэн
Күлүмнүү сандаарар чаҕылыҥ,
Эдэрдии Эн күүстээх эрчимиҥ
Эрэли үөскэтэр мэлдьитин!

Доҕордуу сүүс араас омуктар
Түөлбэлээн тэнийэн олорон
Дойдубут тэлимнэс былааҕын
Дьоһуннук күөрэччи туталлар!

Айхаллан Дьокуускай куоратым!
Туймаадам хочото уруйдан!
Мин дойдум кэрэ Киин куората,
Сахабыт киэн туттар сирдьитэ!
 
Сэгэй. 2012 

Суруйда Baaska. 2015-09-13 13:59:31 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ