Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Сиэмэни суортааһын

Сиэмэни силис тартара ууруох иннинэ маннык гынан бэрэбиэркэлиэххэ сөп.

Холобур помидор уонна моркуоп сиэмэлэрин бэрибиэркэлиир инниттэн 3-5 бырыһыаннаах туус уу булкадаһыгар (30-50 г - 1 л уу) угаҕыт. 1 - 1,5 мүнүүтэ сиигирдэ түһэн баран көрүҥ, үөһэ дагдайа сылдьар сиэмэлэр хатаччы хаппыттар, балары быраҕыахха сөп. Оттон тимирбит сиэмэлэр тыыннаах эбиттэр. Маннык бэрибиэркэлээн, ыраас ууга икки төгүл сайҕаан баран төттөрү куурдуохтааххыт.

Оҕурсу сиэмэтин, сүрүннээн, тууһа суох ыраас ууга да бэрибиэркэлиэххэ сөп. Ол гынан баран оргуйбатах ууга.

Арассааданы буорга олордо таһаарыах иннинэ ууну кутуо суохтааххын. Тоҕо диэтэххэ, саҥа "уулаабыт" үүнээйи тутарга-хабарга кэбирэх буолар. Онон арассааданы олордор сиргэ таһааран эрэ баран уутун кутаҕын.

Кыым 2012 сыл кулун тутар 29 күнэ.

Суруйда Baaska. 2012-04-01 14:11:03 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ