Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 6 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Арассааданы үүннэрии. Сиэмэни талыы.

Үгүс сиэмэ 3-5 сыл устата тахсар кыаҕын сүтэрбэт. Оҕурсу, кабачок, помидор сиэмэтэ 8-10 сыл туох да буолумуон сөп. Моркуоп, сельдерей, укроп, ревень 2-3 сылынан тахсыбат буолаллар. Ол эрэн ити бэйэн сиэмэлээбитин эрэ итинник буоларын умнума.

Атыыга кэлэр сиэмэлэри ким, хаһан, хайдах бэлэмнээбитэ биллибэт. Онон сыл аайы саҥаны ылар ордук. Сиэмэни олордорго былааннаабыккынааҕар арыый элбэҕи ылар наада. Олордоргор түргэнник тахсыбыт арассаадаларгын талаҕын. Түргэнник тахсыбыт сиэмэттэн үүммүт үүнээйи аһын эрдэ биэрэр.

Сиэмэни кытта оҕуруот аһын араас ыарыыта кэлиэн сөп. Бэлэм сиэмэлэр ититиллэн, хатарыллан, ыраастанан кэлэллэр да, сэрэххэ марганцовка 1% сурадаһыныгар 20 мүнүүтэ сытыарар ордук. Оттон 2-3 сыл сыппыт оҕурсу, помидор сиэмэлэригэр ыарыыны көбүтээччилэр бэйэлэрэ өлөллөр. Онон кинилэри куттаммакка ыһыахха сөп.

Саха ыалын халандаара - 2012

Суруйда Baaska. 2011-12-18 15:32:06 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ