Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Газону оҥоруу

Газон оҥостор сир оллура - боллура суох, дэхси уонна киэҥ буолуон наада. Сыырынньа да сиргэ оҥостуохха сөп. Мас, сэппэрээк тула газону оҥорор табыгаһа суох. Кэлин газон отун охсорго эрэйдээх, көстүүтэ мөлтөх буолар.Охсуллубатах от эһиилгитигэр хаппыт сэтиэнэх от буолар.

Сиэмэни ыһыах эрэ иннинэ буорга минеральнай уоҕурдууну (азофоска, аммофоска уо.д.а.) эбэн булкуйуллар.  Газон ото тахсыыта почва сииктээх  кэмигэр 1 кв м. иэҥҥэ 30-45 г. азот, 16 г. фосфор, 10 г. калий минеральнай уоҕурдуунан аһатыллар. Сайын ортото  газон отун охсон баран өссө биирдэ  карбамидынан уоҕурдуллар. Уоҕурдууну газон олус сииктээх эрдэҕинэ уонна олус күн  сыралҕанын кэмигэр кутуллубат.

Газону сааскыттан саҕалаан атырдьах ыйын ортотугар диэри ыһыахха сөп.  Сиэмэни кураанах кумаҕы кытта (1:1) булкуйан ыстахха, сиргэ түһүүтэ дэхси буолар. Ыһар нуормаҕыт - квадратнай миэтэрэҕэ 20-40 г., эбэтэр биир биэдэрэ сиэмэ биир суотай сиргэ.

Анна Емельянова - тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата. Саха ыалын халандаара - 2013

Суруйда Baaska. 2013-02-01 14:26:26 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ