Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр.
Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Утах

Сакалаат кисиэл

Тымныы дьыл кэмигэр сакалаат кисиэл, эмиэ итии какао курдук, бэртээхэй утах. Хойуу, минньигэс амтана уһугуннарар, сэниэ киллэрэр.

Сиһилии


Утах

"Ытыйыы" утах

  • 1 л. бөлөнөх эбэтэр суорат
  • 150 г. моонньоҕон
  • 2 остолобуой ньуоска саахар

Сиһилии


Утах

"Таабырын" утах

  • 100 г. суорат
  • 30 г. саахардаах чэй
  • Лимон аҥаара
  • Мороженай

Сиһилии


Утах

Отонноох, дьэдьэннээх утахтар

Күһүҥҥү сиппит уулаах отону мас кытыйаҕа эбэтэр фарфоровай салат иһитигэр кутан баран 25-30 быраһыаннах чөчөгөйү кутан аһылыкка бэриллэр.

Сиһилии


Утах

Бэс мүөтэ

Бэрдьигэс туорааҕын тымныы ууга уган, 15 мүнүүтэ тэптэрэн оргуталлар.

Сиһилии


    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ