.
|
|
Билигин сайтка 4 киһи баар |
БYГYН: Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр. Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Түүл туолара ый халандаарынан
- Үтүө санааны, үчүгэйи түстүүр, үүт-үкчү буолар.
- Соччото суоҕу түүйэр, сотору кэминэн туолар.
- Түргэнник туолар.
- Өтөрүнэн туолбат.
- Үчүгэй суолталаах түүл.
- Өтөрүнэн туолбат.
- Дьоллоох түүл, кимиэхэ да кэпсэммэт.
- Баҕа санаа туоларын кэрэһэлиир.
- Ситиһиини эрэннэрэр, хайаан да туолар.
- Куһаҕан быһыы тахсарын сэрэтэр, туолуон сөп.
- Үөрүүлээх түгэннэри тосхойор, 11 хонук иһинэн туолар.
- Түргэнник уонна этэҥҥэ туолар.
- Үчүгэйи эрэннэрбэт.
- Кураанах түүл.
- Үчүгэйи түстүүр, сотору туолар.
- Олоҕо суох, туолбат түүл.
- Ситиһиини эрэннэрэр, 20 хонук иһинэн туолуон син.
- Барыска, тугу эрэ атыылаһарга көстөр.
- Дьиэ кэргэн иһигэр иирсээҥҥэ, туох эрэ үчүгэйэ суох быһыыга көстөр.
- Түргэнник туолар.
- Үөрүүлээх түгэннэри түстүүр, 11 хонук иһинэн туолар.
- Куһаҕан тахсаары гыммытын сэрэтэр.
- Сотору кэминэн туолар.
- Үчүгэй түүл, түргэнник туолар
- Албын, түөкэй түүл.
- Дуоһуйууга, көргө-нарга көстөр.
- Туох да суолтата суох түүл.
- Туох эрэ ыарахаттар күүтэллэр, 30 күн иһинэн туолар.
- Кураанах түүл.
- Остуоруйа хабааннаах түүл, хаүан эмит туолуон сөп.
- Тапталга кыайыыны, дуоһуйууну эрэннэрэр, 15 күн иһинэн туолар.
Суруйда Baaska. 2011-12-12 19:41:24 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|