2006 сыл ыам ыйыгар кутуотум олон хаалбыта олбут киьини 3 кун сытыараллар батта дьиэтигэр, ону кинини дьиэтигэр буолбакка морга5а сытыарбыттара (морг улэьиттэрэ элбэх олугу кытта улэлиир буолан успейдаабатахтара быьыылаах).
Били бэлэмнээбит танаьын сабын кэтэн сытыахтаах этэ буолла5а, ону кини танаьын да кэппэккэ сытаахтаата5а дии. Костуумэ биьиги дьиэбитигэр ыйанан турбута, дьааьыгынан арыгы ылбыттара эмиэ биьиги дьиэбитигэр турбута. Сарсын комуллуохтээх, киьибит оссо да морга5а "бэлэмэ" суох сытар. Ол туун мин сатаан утуйбата5ым. Гараажпыт мин утуйар хоспор сыста турар. Тууну быьа энин араас тыас бо5о, мин куттанан уоппун уматан баран сыппытым. Хайдах эрэ истиэнэни охсор тыас иьиллэр игин, мин сурэ5им хайда сыспыта. Дьоммор кэпсээбиппэр, кутуоппут бэлэмэ суох сытарыттан хомойбутун биллэрбит диэн быьаарбыттара. Ол кэнниттэн кыра да тыас иьилиннэ5инэ сатаан утуйбат, куттас буола сылдьыбытым.
Автора биллибэт.