Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
Сотору:
1 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
2 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
5 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
9 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Ыйдарынан күннэринэн билгэ

Тохсунньу.

Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыҥҥыны билгэлииллэр. Тымныы буолла5ына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүнү күүтэллэр.

Өскөтүн:

  • Тохсунньу ый бастакы күнүгэр чолбон сулустардыын атахтастаҕына, тыаллаах күн буолар;
  • Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр;
  • Ый бүтүүтэ сис былыт кэллэҕинэ, хаар түстэҕинэ, тымныы намырыыр;
  • Ой дуораана түстэҕинэ, тымныы сатыылыыр, оттон ой дуораана сүттэҕинэ - намырыыр;
  • Мастар халыҥ хаары сүгэһэрдэннэхтэринэ, халаан уута кэлэр.

Олунньу

Олунньуга саас кэлиитин уонна хайдах сайын буолуон билгэлииллэр.
Ый хаһыс күнүгэр сылыйар да, кэлэр ыйга ол кэмҥэ бэлиэтээһин буолар.
Олунньуга сылаас, былыттаах буолла5ына - сайын кураан; тымныы буоллаҕына - сайын ардахтаах.
Тымныы тостор сис былыта ый 15 - 20 күннэригэр кэлэр. Ый икки тыаллаах: хаардаах, көмнөҕү түһэрэр уонна күнү көтөҕөр тыал.
Олунньуну атырдьах ыйа батыһар.

Өскөтүн:

  • Ый чаҕылхай, ыраас буоллаҕына - тымныы; өлбөөркөй буоллаҕына ичигэс күн буолар.
  • Сулустар уоттаннахтарына - тымныы буолар.
  • Үргэл өлбөөрөн көһүннэҕинэ - халлаан сылыйар.
  • Ойбон уута үлүннэҕинэ - угут сайын буолар.

Кулун тутар

Кулун тутарга саас төһө эрдэ кэлэринэн, сайын хайдах буолуон билгэлииллэр. Кулун тутартан тоҕус тибии түстэҕинэ, угут бэлиэтэ. Ый икки тыаллаах: хаардаах көмнөҕү түһэрэртыал, уонна сыыр хастыыр тыал. Ый хаара - туллук кэлэр хаара.
Кулун тутары балаҕан ыйа батыһар.

Өскөтүн:

  • Араҥас сулус халлаан оройугар турдаҕына, саас эрдэлиир, ынах сүөһүгэ үчүгэй сайын буолар.
  • Ар5ааттан, со5уруулуу-ар5ааттан олооһун тыал түстэҕинэ, хаар кэлэр.
  • Сарсыарда дьэргэлгэн түстэҕинэ, былыта суох үчүгэй күн буолар.
  • Сулустар өлбөөрөн көстөр буоллахтарына, халлаан сылыйар.
  • Эрдэ хараардаҕына - үүнээйи сааскы хапсыыртан үүнүүтэ бытаарар.
  • Түүн тымныйдаҕына, сир аһа үүммэт.

Муус - устар

Муус устар ый күнүнэн - дьылынан саас төһөҕө кэлэрин, сайын хайдах буолуон өссө чопчулууллар.
Муус устарга буолбут ириэрии кэлэр ыйга хатыланар. Ити кэмҥэ сир хараарар. Чалбах иомточчу тоҥор буоллаҕына, өҥ сайын. Хаар тыаттан саҕалаан ирдэҕинэ, уу тохтуур. Муус устар ириэриилээх, хатааһыннаах. Икки тыаллаах: тураах кэлэр тыала уонна хаары сахсатар тыал. Муус устар алтынньы ыйы батыһар.

Өскөтүн:

  • Хаар мастарга бөдөҥ кыырпахтарынан ыйанан турар буоллаҕына, халаан уута кэлэр.
  • Саас, хаар ирбитин кэннэ, хотуттан уһун кэмҥэ алысхан тыал тохтообокко үрдэҕинэ, кэлэр кыһын ичигэс.
  • Тыал соҕурууттан уһуннук илгийдэҕинэ, ичигэс буоллаҕына кэлэр кыһын табыла суох күннээх буолар.
  • Бастакы ириэрээһиҥҥэ тыал соҕурууттанүрдэҕинэ, хаар уһуннук турдаҕына, тымныы саас буолар.
  • Ити кэмҥэ тыалырбатаҕына эбэтэр хотуттан бэрт кыратык тыалырдаҕына, тоҥо, тымныыта суох саас буолар.

Ыам ыйа

Ыам ыйын күнүнэн - дьылынан сайын хайдах буолуон, күһүн кэлиитинбилгэлииллэр. Ыам ыйын хатааһынынан уу кэлэрин быһаараллар. Мас үнүгэһинэн, кус, кыыл ханна уйаланарынан, ньургуһун үүнэринэн сайыны билэллэр.
Ый икки тыаллаах: муус көтөҕөр тыал уонна сири куурдар тыал. Ардаҕа эмиэ икки: кус кэлэр самыыра уонна сайын кэлэр самыыра.
Ыам ыйа сэтинньи ыйы батыһар.

Өскөтүн:

  • Халлаан намтаан көһүннэҕинэ, былыт кэлэр.
  • Ый, кһн ытарҕаланнахтарына, ардаҕа суох былыттаах күннэр тураллар.
  • Сааскы кус этэ эмис буоллаҕына, саас тымныы уонна уһун буолар.
  • Сааскы көтөр бүтүн үөрүнэн кэллэҕинэ, саас кэлиитэ көхтөөх.
  • Хотуттан хойуу буруо курдук былытынан халлаан оройун бүрүйээт, ардаатаҕына, сайыҥҥыта наһаа ардаҕа суох.

Бэс ыйа

Аҕыйах хонугунан кэлэр күнү-дьылы үөн-күйүүр майгытынан, былытынан билэллэр.
Бу ыйга самыыр уонна куйаас солбуһар. Бэс ыйын сүрүн самыыра - анды кэлэр самыыра. Икки тыаллаах: олооһун тыала уонна мас сыырар (сиэмэтэ көтөр) тыала.
Бэс ыйа ахсынньыны батыһар.

Өскөтүн:

  • Ый дьиэлэннэҕинэ, самыыр кэлэр;
  • Илинтэн уонна соҕурууттан тыалырдаҕына, ардах түһэр;
  • Кэҕэ кэлэҕэйдээтэҕинэ, сотору ардыаҕа;
  • Хараҥаччы үөһэнэн көтөр буоллаҕына, кураан буолар;
  • Саах хомурдуоһа көтөн дыыгыныы сырыттаҕына - ыраас күн буолар, сүтэн хааллаҕына - сотору кэминэн ардыаҕаһ
  • Кымырдаҕас уйатыттан барыыта - кэлиитэ элбээтэҕинэ, уһаатаҕына - ардах суох.

От ыйа

От ыйыгар күнү былытынан, үөнүнэн - көйүүрүнэн, кыылынан - сүөлүнэн, сиигинэн билгэлииллэр. От ыйын 20 күнүгэо саары куйааһа бүтэр.
Ый биир самыырдаах - от (Бөтүрүөп) самыыра, биир тыаллаах - от саарар тыала.
От ыйа тохсунньу ыйга тэгилэнэр.

Өскөтүн:

  • Күн уота өллөҕүнэ уһун кураан буолар.
  • Ардах бириэмэтигэр тыал түстэҕинэ, ардах сотору кэминэн ааһар.
  • Быстах былыт кэлэн ардаатаҕына - уһуннук түспэт.
  • Сибэкки, от мас ордук сыттаннаҕына - сотору кэминэн ардах түһэр.
  • Сарсыардааҥҥы сиик суох буоллаҕына - ардах кэлэр.
  • Тоҥот бырдах түстэҕинэ, халлаан көнөр.
  • Ардах чиэрбэтэ сиргэ көһүннэҕинэ, ардах кэлэр.
  • Балык күөлгэ оонньоотоҕуна - ардахха.

Атырдьах ыйа

Атырдьах ыйыгар күһүнү билгэлииллэр. Ынах, сылгы түүлүүрүнэн күһүн төһө уһуурун таайаллар.
Талах хайдах үүммүтүнэн кэлэр кыһын хаар төһө халыҥын билгэлииллэр.
Ый ардаҕа икки: сайыны иэҕэр самыыр (Ылдьыын ардаҕа), өксүөн түһүүтэ (Ыспааһап). Тыала биир: оту - маһы орохсутар тыал.
Бу ый олунньу ыйга тэгилэнэр.

Өскөтүн:

  • Ардыы туран халлаан оройуттан аһылыннаҕына, былыт халлаан тула өттүгэр түһэн хааллаҕына, ардах ааспат, сотору кэминэн кэлэр.
  • Тыала суох туран өрүс уута тыаһаатаҕына, сотору ыал түһэр.
  • Ардах түһэр кэмигэр элиэ кистээтэҕинэ, ардах астар.
  • Кустук кытархай, өҥө чаҕылхай буоллаҕына, ардах түһэр.
  • Ынах тыла уу түөлбэтигэр уста сылдьар биитэр уу аннынааҕы үүнээйи умнаһыгар сыылларын көрдөххүнэ, куйаас түһэр. Оттон ынах тыла түөлбэ уутун үрдүгэр баар үүнээйи умнаһыгар ыттыбыт биитэр уу урсунугар таҥнары ыйанан буоллаҕына ол аата сотору ардах кэлэрин бэлиэтэ.
  • Чыычаах үөрүн саҥата иһийдэҕинэ, ол кэннэ хойуу от сэбирдэҕэр састаҕына, сотору кэминэн ардаҕы күүт.

Балаҕан ыйа

Балаҕан ыйыгар хайдах кыһын буоларын, эһиил хайдах дьыл буолуон билгэлииллэр.
Ардаҕынан, мас хагдарыйарынан, хаас сырыытынан күһүн төһө уһуурун быһаараллар.
Оту - маһы "ииктэтэринэн" саас кэлиитин билэллэр. Бу ый ардаҕа икки: кус барар ардрҕа уонна оту - маһы ииктэтэр ардах. Тыала биир: көтөҕө түһэрэр тыал.
Балаҕан ыйа кулун тутар ыйга тэгилэнэр.

Өскөтүн:

  • Көтөҕө эрдэ түстэҕинэ, эһиилигэр уулаах саас буолар.
  • Куобах сарсыарда уйатыгар сыппакка хойукка дылы аһаатаҕына, уһун силбик, ардах, хаар кэлэр.
  • Хатыҥ мас сэбирдэҕэ төрдүттэн саһардаҕына, саас хойуутаан кэлэр.
  • Хаастар аллараанан көтөн аастахтарына, сотору кэминэн хаар түһэр, үөһэнэн - уһун, дьогдьоот күһүн буолар.
  • Тэллэй элбээтэҕинэ, кырдаайы үгүс буолар.
  • Анысхан тыал эҥсилиннэҕинэ, кэлэр саас хойутуур.
  • Сэбирдэх алтан өҥүнэн күлүмүрдээбитинэн, талбаарбытынан сиргэ түһэн тэлибириирэ - тымныы буолар.

Алтынньы

Алтынньыга кыһыны уонна кэлэр сааһы билгэлииллэр. Алтынньы 17 күнүттэн муус устар 14 күнүгэр дылы кэмнэри атахтаһыннараллар: сайын өттө уонна кыһын өттө диэн. Сайын өттө кыһые өттүн батыһар. Халлаан умайарынан кыһыҥҥыны быһаараллар. Көтөҕө түспэтэҕинэ, саас эрдэ хараарар. Кураан битэ. Күһүнэ дьогдьоот буоллаҕына, саас хойуутуур. Күһүҥҥү тибиини кураан битэ дииллэр. Биир ардахтаах: сири силимниир ардах, биир хаардаах: үөк хаара (бастакы сыарҕа хаара).
Алтынньы ыйы муус устар батыһар.

Өскөтүн:

  • Куобах эрдэ маххайдаҕына кыһын эрдэлиир.
  • Күтэрдэр, хонуу кутуйахтара, дьабарааскылар уйаларын элбэх оту мунньан халыҥата тутуннахтарына, тымныы кыһыны күүт.
  • Күтэр ууттан тэйиччи уонна үрдүк сиргэ тибэр буоллаҕына, сааскыта уулаах дьыл буолар.
  • Ынахтар тиэргэнтэн арахпакка маҥыраһа маҥыраһа хаамса сырыттахтарына, хаар сотору түһэр.
  • Тиит мас көтөҕөтүн ытырбытынан күһээтэҕинэ, хаҕыс дьыл кэлэр.
  • Хаар түспүтүн кэннэ, күн күүскэ итиппитин иһин, уулларбатаҕына уонна хаар уһуннуксыттаҕына, хаардаах дьыл буолар.

Сэтинньи

Сэтинньи - кыһыҥҥы ый.
Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуон, саас хойуутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.
Сэтинньи тибиитэ элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибии түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьыл күүтүллэр
Сэтинньи ыйы ыам ыйа батыһар.

Өскөтүн:

  • Өрүс модьоҕолоон, кыдьымах уста турдаҕына от - мас кырыардаҕына, өрүс турар, сатыы киһи туоруон сөп.
  • Сыҥҥа, ойуурдаах, хайалаах сиргэ куобах суола-ииһэ элбээтэҕинэ, кэлэр сылга куобах элбиир.
  • Куобах суола-ииһэ өрүс кытыытыгар элбээтэҕинэ - куобах аҕыйыыр.
  • Хотуттан турбут тыал былыта суох буоллаҕына, хаҕыс, курас, тымныы күн.
  • Куобах этэ сыалаах буоллаҕына, кыһын хабыр тымныылар түһэллэр.
  • Куоска оһоххо сыраннаҕына, тымныы түһэр.

Ахсынньы

Ахсынньы ыйга кыһыны, сайыны билгэлииллэр.
Ахсынньыга хаар, тыал буоллаҕына, бэс ыйыгар хаар күүтүллэр.
Түүмэхтээх буоллаҕына, өҥ сыл битэ дииллэр.
Бу ый бүтүүтүн диэки сис былыт кэлэр.
Ахсынньы ыйы бэс ыйа батыһар.

Өскөтүн:

  • Салгын сатардаҕына, халлаан тымныйар.
  • Таһырдьа киһи тыына сырдыргыыр буоллаҕына, улахан тымныы түһэр.
  • Илинтэн уонна соҕурууттан тыалырдаҕына, хаар кэлэр.
  • Тыа көтөрө элбээтэҕинэ, хаар дириҥ буолар.
  • Дьүкээбил уота оонньоотоҕуна, тымныйар.

Суруйда Baaska. 2011-12-06 14:35:57 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ