Мин саас биирдэ кус маныы икки куол ыккардыгар олорор буоллум. Хараҥарбытын кэннэ чэйдии таҕыстым, ол олордохпуна биир киһи тиийэн кээллэ.
- Хайа кус ыта сыльдаҕын дуо? - диэн ыйытар.
- Эн кимиҥий? - диибин
- Ээ.. Мин ити күөл уҥуор баар киһибин - диир киһим.
Күнүс чэйдии олорон бииргэ кустуур биир оҕонньор: "Бу күннэргэ масчыттар кэлиэхтээхтэр" - диэбитэ. Олортон кэллэҕэ диэн кутаматым. Киһим: "Табаххытан биэр эрэ" - диэн көрдөөн ылла . Уонна табахтаабакка сытырҕалыыр эрэ.
"Бу билиҥҥи табаахтара үчүгэй да буолар эбит" - диир. "Хайдах эрэ киһи", диэн санаан ыллым да ол курдук хаала. Онтон куспун маныы киирдим, киһим барда. Сасыарда үүчэмитигэр тиийэн оҕоньорго этэбин: "Масчыттарбыт кэлбиттэр" - диибин.
- Эс кэлэхтэринэ манан аһыахтаах этилэр - диир
- Онтон бу түүн миэхэ биир киһи кэлэн ити уҥуор сытар киһибин диэбитэ дии - диибин.
- Ээ.. Оччоҕо били баҕайы бэйдиэ хаама сырыттаҕа - диир оҕонньорум. Уонна манныгы кэпсээтэ: "Сэрии кэннэ бу манна олорор эрдэхпинэ, бэйэлэригэр тиийимит дьону ити күөл уҥуор таһааран көмөллөр этэ. Олортон биир илэ барбыт дууһа баара, ол сырыттаҕа дии" - диэбитэ.
Күнүһүн күөл уҥуор баар киһи уҥуохтарын көрө бардым, онно тиийбитим биир уҥуох дуома курдук үрдүгэр , бэҕэһээҥҥи миигиттэн ылбыт бөппүрүөскэм сытар этэ онно.
Ykt.ru Автора: Короочу