Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
Сотору:
2 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
3 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
6 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
10 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Партком сэкиритээрэ

Биирдэ оҕо сырыттахпына маннык түбэлтэ буолбута. Совхозка саҥа партком сэкиритээрэ кэлбитэ, урут совхоз салайааччылара саҥа үлэлиир сирдэригэр бастаан сулумах кэллээччилэр, дьиэ кэргэттэрин онтон аҕалааччылар этэ. Бу киhи биhиги ыалларбытыгар (соседтарбытыгар) куортамнаhан олорбута.

Ол ыалларбыт сайын аайы бөhүөлэктэн 7 км. сиргэ сайылыкка көhөөччүлэр, ол иhин сайын сэкиритээр соҕотох хаалбыта, кини ол дьиэҕэ хоммот да быhыылааҕа, наар мунньахтыы оройуон киинигэр, эбэтэр учаастактарга, совхоз сайылыктаргар сылдьара. Арай биирдэ, күhүөрү сайын, ардахтаах баҕайы күн киэhэтигэр, ол киhи олорор ыала сайылыктарыгар буолан, биhиэхэ чэйдии киирбитэ. Чэйдии олорон, аҕам сэкиритээргэ эппитэ: "Доҕоор, ити олорор дьиэҕин тыаhыыр дииллэр ээ, эн бу биhиэхэ хонуоххун сөп",- диэбитэ. Онуоха киhитэ: "Ээ ол дьон ону-маны эттэҕин аайы, арай хомсомуол оҕолор куттаммыта буолааччылар, ол мин туохтан куттаныамый, тем более партиялаах киhи" - диэбитэ уонна тахсан барбыта. Арай сарсыарда турбутум, мин уопсайынан эрдэ турааччыбын, көрүдүөрбүтүгэр сэкиритээр утуйа сытар эбит. Мин таhырдьаттан киирбитим, киhибит туран сууна-тараана сылдьара, сирэйэ арбы-сарбы, олох настроенията суох этэ, чэйдээт да үлэтигэр ыстаммыта. Барбытын кэннэ мин ийэбиттэн ыйыппытым, ити киhи тоҕо манна хонно диэн? Ийэм эппитэ: "Түүн оронун баhыгар табуреткаҕа чүмэчи уматан кинигэ ааҕан эрдэҕинэ, хос аана аhыллыбыт да чуурка төкүнүйэн киирэн табуреткатын тоҕо түhэн кэбиспит. Сэкиритээр ойон туран, чүмэчитин хат уматан көрбүтэ туох да суох үhү. Хаттаан сыппыт, бу сырыыга утуйбакка эрэ бэлэм сыппыт, ол сыттаҕына, тас аан аhыллыбыт, ыарахан атах тыаhа кэлэн оронун таhыгар тохтообут, өйдөөн көрбүтэ улахан баҕайы хара бэкир турар үhү, сэкиритээр ойон туран бэлэмнээбит сыпсы тимиринэн охсубута эмиэ туох да суох буолан хаалбыт үhү. Дьэ онтон ити ардах аннынан матарааhын кыбынан киирэн манна утуйбута. Аҕаҥ дьоҥҥо кэпсээмэн, баартыйалаах киhини моhуоктуу сылдьыахтара диэтэ, онон мээнэ кэпсээмэ" - диэбитэ. Аҕам кэлин эппитэ: "Ити сэкиритээрбит хайдах сылдьаахтыыр, сиргэ-уокка сылдьан алҕаныан да сөп этэ" - диэбитэ. Ол эрэйдээх сыл курдугунан ыалдьан өлбүт этэ.

Ykt.ru Автор: Тюмэр

Суруйда Baaska. 2011-12-06 01:43:47 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ