Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
3 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
5 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
7 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
12 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
13 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Оҕо

Бииргэ үөрэммит уолаттарым кэпсээбиттэрэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан икки уолбут улахан дьону кытары мех. звено тэринэн өрүс уҥуор оттуу тахсыбыттар.

Былыргыттан отчуттар биир дьиэлээхтэр үһү, онно олорон эрэ оттууллар. Дьэ биир киэһэ оттоон кэлэн суунан-тараанан, аһаан-сиэн баран, хойукка диэри хаарталаабыттар, бэйэ бэйэлэрин балыйса балыйса, күлүү-хаһыы бөҕөтө буолбуттар, онуоха биир кырдьаҕас отчут этэ сатаабыт: "Чуумпурун, дьиэҕитигэр олорор буолбатаххыт, манна атын хаһаайыттар бааллар" - диэн. Ону биһиги дьоммут тохтоон биэрбэтэхтэр, күлсүбүттэрин-хаһыытаспыттарын курдук олорбуттар. Дьэ ол олордохторуна аан аһыллар тыаһа иһиллибит, хайыһан көрбүттэрэ кыра уол оҕо өҥөйөн турар эбит, ону бастаан аахайбатахтар, онтон дьэ өйдөөбүттэрэ, тыаҕа ыраах ким да суох сиригэр олороллорун. Дьэ ол эрэ кэннэ чуумпуран утуйбуттар.

Ykt.ru Автор: Сара

Суруйда Baaska. 2011-12-06 01:36:23 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ