Мэнэ Ханалас. Төҥүлү. Муус устар ый санатыгар күрэхтэhиигэ тиийбиппит. СПТУ общежитиетыгар түhэрдилэр. Араас улуустартан 5 киhи баарбыт. Сөхпүтүм диэн син улахан соҕус хос эрээри тоҕо эрэ элбэх дьонноох командалар онно киирбэтэхтэр.
Аттыбытыгар ЯГУлар бааллара. Бастакы түүн этэҥҥэ хоннубут. Арай сарсыарда тахсан истэхпинэ вахт¸р(орто саастаах саха дьахтара) ыйытта: "Хайдах хоннугут, туох да биллибэтэ дуо?" - диэтэ. "Туох кэлиэй"- диэн буолла. Иккис түүнүгэр, түhээн көрдөхпүнэ уот кыhыл дьүhүннээх чыычаах утуйа сытар дьон үрдүгэр олоро сатыы сылдьар эбит. Ону мин үүрэ сатыыбын. Арай, ол сырыттахпына таhырдьаттан кырдьаҕас оҕонньор киирэн кэллэ уонна тайах маhын миэхэ биэрэр. Мин ол маhынан сыыhа халты охсон чыычаах истиэнэҕэ оҥоhуллубут чуолҕаҥҥа киирэн хаалла. Сарсыарда туран көрдүм - чуолҕан баар эбит, туhээн көрбүт сирбэр. Ону били вахт¸ртан ыйыппытым, "Оҕонньор бэйэтинэн кэлэ сырыттаҕа дуу" - диэн эппиэт ылбытым. Оннук.
Ykt.ru Автор: Вояджер