Эмтээх үүнээйини от-мас саһарбытын кэннэсиэмэнэн аҕалан олордорго хоппо буоругар чааһынан наардаан ноһуом, хара буор уонна кумах куталлар. Барытын холбоон булкуйан, туох да сыыһа суох көпсөркөй буоларын курдук сиидэлэнэр.
Олордуох иннинэ маргаанкалаах ууну ыһан буору ыраастанар. Онтон сиэмэни 1 см дириҥнээх сиргэ ыһан, көмөн баран, сиргэ үчүгэйдик иҥэрин курдук таптайан биэриллэр. Хайдах тахсара үүнээйититтэн тутулуктаах. Сорох үүнээйи буорга уктун да тахсар, сорох хас да сыл буолан баран биирдэ үүнэр. Түргэнник үүнээччилэртэн, холобур, эмтээх валериана буолар. Күһүн сиэмэни олордон баран уу кутуллубат, онтон саас хаар ууллубутун кэннэ сиигэ куурда да,уга тахса илигиттэн үчүгэйдик, күн аайыкутан барыллыахтаах. Агроспанынан, салапаанынан сабан кэбистэххэ, сиигин өр тутар.
Умнастаах силиһинэн үөскеэтии.
Күһүн айылҕаҕа үүнэн турар үүнээйи силиһин бүөрдэри кытта аҥаардаан ылыллар. Бытык курдук умнастара сыыллан үүнэр үүнээйилэр эмиэ бааллар. Холобур, дьэдьэн. Хас биирдии хоннох силистэнэн баран, сиргэ киирэн салгыы үүнэр, бэйэтэ астанар. Оннук умнаһы быһан ылан дьиэҕэ аҕалан, сайын ардахтаах күҥҥээбэтэр күһүн ылан олордуллар.
От үүнээйилэри кымырдаҕастан харыстыыр "Гром", от үөнүттэн (тля) "Карбафоз" диэн эмтэри туттуохха сөп. Саас эрдэ эмтиэххэ наада.
Боҕоруускай от (Чабрец)
Сиэмэнэн да ыһыахха эбэтэр түөрэн да ылыахха сөп. Өрүс кытылыгар, кумахтаах, таастаах сиргэ баар буолар.Күөҕүнэн кыстыыр, саһарбат үүнээйи. Эмкэ туттарга сибэккилии турар кэмигэр ото хомуллар. Силиһин алдьаппакка эрэ кырыйан ылан баран хатарыллар. Хаппытын кэннэ илдьиритэбит уонна сиидэлиибит. Мастыйбыт умнастара быраҕыллар. 200 мл ууга 10-20 г. оту кутан утах оҥорон, тыынар уорганнар ыарыыларыгар тутталлар.
Хараҥаччы ото (Чистотель большой)
Таастаах сиргэ, ойуур аппатыгар үүнэр. Сибэккилии турар кэмигэр сиртэн 5-10 см курдук үрдүгүнэн быһа кырыйан эмкэ тутталлар. Хахха уонна салгыннаах сиргэ хатардахха эмэ үчүгэйдик хаалар. Дьааттаах буолар. Онон хомуйа сылдьан сирэйгин - хараххын тыытарынсатаммат. Итиэннэ илиини суунуллар. Сиэмэтинэн да, бэйэтин да түөрэн аҕалан олордуохха сөп. Хаппырыыһа суох үүнээйи. Саас олордор буоллахха, сир үчүгэйдик ирбитин кэннэ олордуллар. Бастакы сыл уоҕурдуу эҥин кутуллубат.Үчүгэйдик үүннэөҕинэ, нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ кутуллар. Күһүн саһарбытын кэннэ үөн уйата буолбатын диэн, үөһэ өттүттэн төрдүгэр диэри быһыллар уонна уматыллар. Сирэй үөнүн (бородавканы) чэри, тирии түбүркүлүөһүн уонна араагы эмтииргэ туттуллар.
Кучу от (Иван-чай)
Силиһин кытта ылаҕын. Олортуҥ да наһаа хойуутук үүнэр. Силиһинэн олус тарҕанар. Маннык үүнээйилэр сыыс от курдук аһара элбээбэттэрин туһугартөгүрүччү хаптаһыны ууранбиэрэҕин. Сибэккитинэн эмиэ тарҕанар. Ол иһин эмкэ наада буоларын ылан баран атыттарын кырыйан кэбиһэллэр.
Тимэх от (Пижма)
Сибэккитэ ордук туһалаах. Саҥа сибэккилээн эрдэҕинэ хомуйаллар. Күһүн түөрэн ылаллар. Эмиэ үөн уйата буолбатын диэн быһан кэбиһэллэр. Хатаран баран туһаналлар. Бороһуок курдук илдьиритэн эбэтэр утах оҥорон оһоҕос үөнүгэр (аскаридоз, острица), быар ыарыытыгар тутталлар.
Эмтээх патриния
Ньиэрбэ, сүрэх ыарыытын эмтииргэ наадалаах. Сиэмэтин хомуйан үүннэриэххэ эбэтэр түөрэн эмиэ ылыахха сөп. Өрүс кытылыгар эбэтэр хонуу саҕатыгар үүнэр. Үөн наһаа сиэбэт. Ол эрэн күһүн эмиэ үөһээҥҥи умнастара кырыллар. Силиһэ эмтээх буолар. сибэккилээбитин кэннэ ылыллар.
Эмтээх валериана
Ойуурга үүнэр. Силиһэ эмтээх. Сиэмэнэгн ыһыллар эбэтэр биир сиртэн элбэх баҕайы ойоҕос умнастар тахсаллар. Ону ылапн эмиэ олордуохха сөп. Үөн наһаа таптаан сиир. Ол иһин саһаран хаалар. Күһүн эмиэ үөһэ өттө быһыллан быраҕыллар. Сыыһа суох буорга үүннэриллиэхтээх. Сорох үүнээйилэр силистэрэ наһаа үүнэн сабырыйан кэбиһэллэр. Онон кыайан үүммэттэр. Эмкэ туттарга күһүн силиһин хостоон ыраастаан баран сууйуллар. Сүрэх, ньиэрбэ, харах уо.д.а. ыарыыларыгар туттуллар. 1-2 нь. илдьирийбит силиһи 1 ыстакаан ууга кутан утах оҥорон баран, күҥҥэ 2-3 иһиллэр. Харах ыарыытынг эмтииргэ маннык оҥоһуллубут утаҕы таҥаска илитэн баран тутуллар.
Үөрэ ото (Полынь белолистная)
Бөлөхтүү үүммүт үүнээйилэри түөрэн аҕалан олордор ордук. Үөн улаханнык мустубат. Күһүн мастыҥы ыарҕа боруодалар бары кырыллыбаттар. Ханна баҕарар хойуутук үүнэр. Сибэккилээх төбөлөрө эмкэ туттуллаллар. Ис- үөс ыарыыларыгар олус туһалаах. Тирии, бүөр ыарыыларын эмтэниллэр. Бронхиты эмтииргэ уматан баран буруотунан тыыныллар. Кытайдар сэбирдэхтэрин хааны тохтоторго, кыраадыһы түһэрэргэ тутталлар.
Дьабара отоно (Эфедра односемянная)
Мырааннаах, хайалаах сирдэргэ үүнэр. Силиһиттэн ылан олордуллар. Эмкэ умнастара туттуллар. Биир сиэмэлээх буолар. Уу кутан баран сарсыныгар буорун тарыйан биэрэҕин. Тумуу, тыынар уорганнар ыарыыларын, ымынаҕы эмтэниллэр. Силиһэ кыраадыһы түһэрэргэ туттуллар.
Ымыйах (Кровохлебка лекарственная)
Хатыҥ чараҥҥа, алааска үүнэр. Силиһинэн үүннэриэххэ сөп эрээри, үксүн сиэмэтинэн үүннэрэллэр. Күһүн сибэккилээн бүттэҕинэ силиһин ылыллар. Үөн бу сибэккини үчүгэйдик сиир. Күһүн эбэтэр саас органическай уоҕөурдуу кутуллар. Силиһин эмкэ туттарга анаан 15 см усталаах гына кырбаныллар. Ол кэнниттэн салгыҥҥа хатарыллар. Оһоҕос ыарыыларыгар, хааны тохтоторго, күөмэйи үтүөрдэргэ туһалаах буолар.
Бөдөҥ бохсурҕан. Биэс тымырдаах от. (Подорожник большой)
Сиэмэтин ыһан үүннэрэллэр. Сайын устата үчүгэйдик сиппит сэбирдэҕэ хомуллар уонна хатарыллар. Гастрикка, куртах бааһыгар (язва), коклюш, колит, сэллик уонна тыынар уорганнар ыарыыларын эмтииргэж туттуллар. 10 г илдьирийбит сэбирдэҕин 1 ыстакаан ууга кутан утах оҥоруллар. Күһүн эмиэ үөн уйата буолбатын курдук сэбирдэхтэрэ быһыллар.
Чыычаах отоно (Горец птичий)
Түөрэн аҕалан олордуллар. Түргэнник үүнэр. Үөҥҥэ уонна иэллэйдиҥи ыарыыларга алларымтыа. Ыалдьыбыт үүнээйилэри тууран ылан быраҕар ордук. Эмкэ туттарга сибэккилии турар кэмигэр хомуллар. Бүөрү, ииктииир уорганнары, быары, сэллиги эмтииргэ туттуллар.
Ньээм (Одуванчик)
Эмкэ силиһин, отун үүннэрэллэр. Сибэккилээн баран түүлэнэр. Ону хоппоҕо ыһан үүннэриллэр. Силиһэ, сэбирдэхтэрэ саһарбыттарын кэннэ күһүн хомуллар. Ис-оһоҕос үлэтин тупсарарга иһиллэр. Ол курдук 1 ч.нь. кып-кыра кырбаан баран 1 ыстакаан итии ууга 20 мүн. туруоруллар. Онтон сойбутун кэннэ 2-3 ост. нь. аһыах иннинэ 30 мүн күҥҥэ 3-4 иһиллэр. Сүһүөх ыарыыларыгар олус туһалаах. Гайморикка, кутургуйаҕа эмиэ үчүгэй. Аска эмиэ туттуохха сөп. Ол курдук 30 мүн. туустаах ууга сытыаран аһыытын суурайыллар уонна салаакка кутуллар. Ыһаарыламмыт силистэриттэн кофены кытта оҥоруохха сөп.
Күөх төбө (Синюха голубая)
Өрүс хочолоругар, бэскэ үүнэр. Силиһэ эмтээх буолар. Сибэкки саһаран эрдэҕинэ күһүөрү хомуллар уонна хатарыллар. Ойоҕостотууга, боруоҥхаҕа олус үчүгэй. Сөтөлүннүрэн ыарыы тахсарыгар туһалаах. Кып кыра гына илдьиритиллэр, ыстакааҥҥа 6 г. гына кутан 30 мүн. туруора түһүллэр. Сиидэлээн баран 3-4 күн иһиэххэ сөп. Куртах бааһа түргэнник оһоругар куурулла оту утах оҥорон бииргэ иһиллэр. 10 г кыра гына кырбастаммыт куурулланы 1 ыстакаан ууга туруоран баран, аһыах иннинэ 50 мл.-нэн күҥҥэ үстэ иһиллэр. Оттон күөх төбө утаҕын үөһэ ыйыллыбытын курдук оҥорон баран, эмиэ күҥҥэ үстэ 1 ост. нь. аһаан баран истэххэ куртах бааһа бэрт түргэнник оһор.
Хаптаҕас
Биир сыллааҕылары силистэри ылан баран, кумахха олордоҕун уонна күн аайы уу кута сылдьаҕын. Элбэх суортан тулуйумтуоларын, төһө үчүгэй астаахтарын талар ордук. Ноһуому, хара буору кытта кумаҕыбулкуйан баран 40 см дириҥ гына олордуллар, онтон икки -= үс биэдэрэ уу кутуллар. Күһүн олордор саамай үчүгэй. Саас уутун күн аайы кута сылдьыллыахтаах. 10 ча см сир илийиэр дылы кутуллар (улахан уктарга - 3 кыра уктарга - 1 биэдэрэ).Сымнаҕас соҕус оту хомуйан баран, итии күҥҥэ баахтарга 3- 4 күн сытытаҕын уонна уутун икки нэдиэлэҕэ биирдэ куттахха олус үчүгэй уоҕурдуу буолар. Ону тэҥэ саас маҥнай нитрофосканы кутуллар. Элбэх азоттаах уоҕурдуу үчүгэй. Улахан умнастарга калийдаах, фосфордаах уоҕурдуу наада.Бастакы кэмнэргэ олох сыыһа суох буолуохтаах. Силиһэ үөһэ сылдьар буолан ыйга биирдэ сэрэнэн көбүтүллэр. 6-7 сыл буолбутун кэннэ токуруйбут, саһарбыт, хаппыт, ыалдьыбыт уонна мэһэйдиир умнастары кырыйаҕын. Оччоҕо күн уота үчүгэйдик киирэр.Наһаа итиигэ уу куттахха, күн уотугар сиэтэн кэбиһэр (ожог). Ону тэҥэ кыһыл тля наһаа сиир. Оччоҕо сэбирдэхтэрэ бокуруйан тахсаллар, ону хомуйан ылан уматан кэбиһэҕин эбэтэр актелликс, интевир диэннэринэн эмтиэххэ сөп. Ону биир ампуланы ылан 10 л. ууга суурайан бараныстараҕын, онтон икки нэдиэлэнэн эмиэ оннук хатылыыгын.Харыстаан кырыйбакка хааллардахха аһа барыта отугар баран хаалар.
Моонньоҕон
"Хара кыталык", "Якутская" диэн суортар ордук үчүгэйдэр. Быйыл саҥа үүммүт умнаска саҥа умнас тахсар бүөрдэрэ баар буолаллар. Ону кумахха уган кэбиһэллэр. Оччоҕо бэйэтэ силистэнэр. Уу кута сылдьыахха наада. Биир умнаска үс эҥин бүөр баар буолар. Олор бары силистэнэллэр.(черенкование). Чугастан ылан олордорго оннук гыныллар. Оттон ыраахтан ылан үүннэрэр буоллаххытына силистэри ылар ордук. Отонун дөлбү сууйдахха, хара кып-кыра сиэмэлэрэ тахсан кэлэллэр. Ону ылан буорга сибэкки курдук олордор үчүгэй. Маҥнай кумаҕа элбэх буолара ордук, онтон кэлин сыл аайы күһүн ноһуом кута сылдьаҕын. Хаптаҕас курдук күһүн эмиэ кырыллар. Оннук кырыйа сырыттахха, 30 сыл устата өлгөм үүнүүнү биэрэр. Моонньоҕон "мучнистая роса" диэн ыарыыланар. Ол аата сэбирдэхтэригэр үрүҥ бээтинэлэр тахсаллар. Ону отоннуу турар буоллаҕына көннөрү хомуйан ылан баран уматаҕын. Оттон тахса илик буоллаҕына, топаз диэн анал эминэн ыстараҕын. Эбэтэр биир испиискэ күлү 10л. ууга суурайан баран ыстарыахха сөп.
Варвара Семенова, Светлана Сабарайкина, Ангелина Кузьмина. "Кыым" 28.07.2011