Сорох киһи илиитэ - атаҕа хатаран хайыта баран хаалааччы. Ону эмиэ эмчит суох эрдэҕинэ бэйэбит мас дабаххайынан эмтэнэр этибит.
Мин бастаан дабаххайы (сымаланы) бааспар кыбытан баран уотунан сиэтэн эмтэнэрим, ол олус ыарыылаах буолара да сотору оһороро. Кэлин ууллаҕас дабаххайынан сотуннахпына оһор этэ. Итии ууга буһаран тириини бааһырдан хастырыттахха ууллаҕас дабаххайынан соттон үтүөрдүллэр.
Эмтэниэх иннинэ бырааһы кытары сүбэлэһин!
Кыраһа, #5 1995.