Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
4 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
6 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
11 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
12 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
         
    

Оҕуруот аһынан эмтэнии

Хахтары буспут хортуоппуй уутун иһэ сырыттахха, сүһүөх ыарыыта мүлүрүйэр, тостубут уҥуох силимнэһиитэ түргэтиир. Петрушканы аска мэлдьи тутуннахха, тиис маҥхайар.
 
Моркуоп сүмэтин сарсыарда аччык искэ истэххэ, хойуу хаайтарыыта төлөрүйэр. Сүбүөкүлэни хааһы курдук оҥорон ириҥэрбит бааска сыбаатахха, түргэнник оһор. Уулаах отон сүмэһинин тэҥ өлүүнэн мүөттээн истэххэ, сил хоҥнор. Тымныйдахха, чочунаах 6-7 өлүүтүн илдьиритэн, ыстакаан үүккэ оргутан күҥҥэ хаста да иһэ сылдьыллар. Тумуулаахтахха, сибиэһэй сүбүөкүлэ симэһинин муннуга икки-үс хааппыланан кутуллар. 0,5 бытыылкаҕа 300 г чочунааҕы, үрдүн сабар гына испиири кутан, үс нэдиэлэ көөнньөрүллэр. Итиэннэ сүүрбэлии хааппыланан ыстакаан аҥара үүккэ булкуйан иһиллэр. Бу састаап киһи доруобуйатын бөҕөргөтөргө, умнуган буолууну утары туһалыыр.
 
ysia.ru - сайттан

Суруйда Baaska. 2017-10-19 00:41:34 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ