Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
5 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
6 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
9 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
10 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
11 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
12 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
13 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
         
    

Ыт алгыһа

Ыт иччитэ
Чаадай Боллох
Бэттэх-бэттэх көр,
Чык-чык-чык!
Төгүргэһи төгүрүйэн,
Силиһи сирийэн,
Сыгынаҕы сыыйан,
Дулҕанан дугунан,
 
Хоолороон устун
Холлгураатым,
Халлараан устун
Халаһыйдым,
 
Буом уол,
Ааҥҥын тэлэй,
Буомча кыыс
Суолгун тобул,
 
Аналлаах иччитигэр
Сыһыардым,
Тустаах тойоҥҥор
Баайдым,
 
Сыалыһар быара
Буолан сылаанньый,
Үүс-киис тириитин
Кэтэн мөлбөй.
 

Суруйда Baaska. 2017-05-12 19:53:49 +09.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ