Ыты саһылга ыыталларыгар былыр кыра талах иһит оҥорон баран төргүүлэнэллэрэ үһү, онно үөрэнэн, ыт ыҥыыр кэннигэр сылдьар талах иһиккэ сытан эрэ айанныыр, саһыл суолун буллахтарына ыты ыыталлара.
Ол ыҥыырданаллара буолар манныктан. Ыт сүүрдэҕинэ хаарга тыһа да саралыыр, тыһа да быстар, ордук тыҥыраҕа тостор, тоҥҥо. Инньэ гынан кыайан сүүрбэт буолан хаалар, хайа да ыт. Ону харыстаан, тыһа саралыа эбэтэр быстыа, эбэтэр тыҥыраҕа тостуо диэн диэн акка мэҥэстэллэрэ үһү.
Булчут Петр Моисеевич Федоров 60 саастааҕар 1945 с. кэпсээбитэ. Чурапчы Боотурускай улууһун 4-с Хатылы нэһилиэгэ.
Кыраһа #1. 1994 сыл.