Кырынаас байанайа -
Эргэни хара тыа иччитэ
Эрбэх Бэргэн,
Эргийэ көр!
Куобах байанайа -
Куруҥ хара тыа иччитэ
Куралай Чууччу,
Көрө тур!
Тииҥ байанайа -
Бэс хара тыа иччитэ
Бэкин Бэргэн,
Биэрэ-ыла тур!
Саһыл байанайа -
Соһолоох туккулаах,
Хаҥыллаах табалаах,
Кыһыл саһыл кымньыылаах,
Хара саһыл хаппардаах
Биэрэ бөҕө мэнэрийбит
Уунарга бөҕө улгумнаабыт.
Саар таҥалай оҕо
Толоон сир саҕатыгар
Тоһута хаамтарбыт,
Кытыл сиргэ кытарбыт,
Халдьаайы сиргэ хайыһыннарбыт!
Тайах байанайа -
Сүгэнэн солообут аартыктаах
Сүҥ-хаан
Сүгэһит баай тойон!
Батыйанан солоон
Аартык таһаарыммыт,
Көмнөхтөөх экээйини
Хаардаан хаамтарбыт,
Көп сөгөлөөнү
Тоһутан тастарбыт,
Хааннаах хайгыаны
Хайа суордарбыт
Баар маалгын
Тойон оҕонньуор!
Эһэ байанайа
Хагдаҥ эһэ тириитинэн
Хаппахчы тардыммыт,
Сырҕан эһэ тириитинэн
Сыҥаһа тардыммыт,
Сур бөрө тириитинэн суорҕаннаммыт,
Буор холомо дьиэлэммит,
Буор буһарча Баатыр тойон оҕонньор!
А.Ильинов тылыттан С.И. Боло суруйуута.
Кыраһа #9 1993 сыл.