Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 1 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
4 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
8 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
13 күнүнэн: 06.05.2025 Дьөгүөрэйэп күнэ. Эрдэтээнни кустар кэлиилэрэ, сайылыкка көhөр кэм.
         
    

Окко киирэр алгыс

Эбэ хотун иччитэ
Илки-Талкы эмээхсин,
Уһун хотуур иччитэ
Улуу уһаанньал оҕонньор,

Аан дойдум иччититтэн
Көрдөһө киирэн,
Аҕыс сүһүөхтээх
Ача күөх оккуттан,
Тоҕус сүһүөхтээх
Чокуур күөх оккуттан,
Уолан тиийбэт уйгугуттан,
Кэһэн тиийбэт кэскилгиттэн
Тииһэн аһыы түһээрибин,
Хоройор муостаахпын
Уһун сиэллээх,
Сыһыы муҥунан сылгыбын
Иитэр-харайар наадатыгар
Киирэн турабын.
Ойоҕос уолаттара быдан
Уҥуор тыаны оломнооннор
Охсон киирэн бараары
Көрдөһө турабын.
Аан дайды айылҕатыттан
Тииһэн аһыыр наадатыгар,
Аан дойдум иччилэрэ,
Аһааҥ, таҥнын!
Ахтаах арыынан
Аһатан сиэтэн,
Уунан тиийбэт уйгугуттан
Бука диэҥҥин
Биэрээр диэммин көрдөһөбүн!

Д.М. Слепцов, 75 саастаах, 1946 с. Муома оройуонун Индигиир нэһ., ССНК архива, 5 ф., 3 оп.

Кыраһа #6-7 1993 сыл.

Суруйда Baaska. 2011-12-06 17:38:31 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ