Былыр сэниэ ыал бэйэлэрэ атыыр оҕустаах буолаллар. Оҕуһу айаатыырыттан көрөн сыана биэрэллэр. Улаханнык часкыйан айаатыыр буоллаҕына "дьолун - соргутун тоҕо айаатыыр оҕус" диэннэр туттарга, өлөрөргө дьулуһаллар.
Онтон бүтэҥитик айаатыыр оҕуһу "дьоллоох-соргулаах оҕус, дьолун тоҕо айаатаабат" дэһэн харыстыыллар.
Саас ынах төрүөбүтүн кэннэ маҥнайгы ынах үүтүнэн суорат оҥороллор, ол суоратынан хотон үрдүн, эркинин, өһүө маһын эбир хамыйаҕынан ыһаллар. Атыыр оҕуһу эмиэ тула көтө сылдьан үрүҥ тунаҕынан ыһаллар.
Туҥуй тойоно,
Тиэргэн эрэмэҕэ,
Сир - дойду симэҕэ,
Эдьээн Иэйиэхсит илгэтэ!
Маҥнайгы дьолгун
Бэйэҕэр ыһабыт.
Төрүүрүҥ кэллин,
Төлкөҥ тубустун.
Иһэҕэ тиэргэни иччилээ,
Туруорбах хотону дьоллоо!
Ас үрдэ,
Үрүҥ тунах -
Бастыҥ аспыт,
Уруй! Уруй! Уруй!
А.А. Федорова, Мэҥэ - Хаҥалас, Чыамайыкы 1945 с. (архивтан)
Кыраһа #4 1993 сыл.