Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 4 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
1 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
4 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
8 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
13 күнүнэн: 06.05.2025 Дьөгүөрэйэп күнэ. Эрдэтээнни кустар кэлиилэрэ, сайылыкка көhөр кэм.
         
    

Аан дойду иччитигэр

Ахтаах түптэ арчылаах
Араҕас илгэ далбардаах,
Аан дойдубут иччитэ,
Аан Алахчын Хотун эбэбит!

Үрүҥ сөлөгөйүнэн үүннэрбит
Үгүс элбэх оҕолорун
Үөрэн - көтөн туран
Үҥэн-сүктэн эрэбит:
Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолоргор
Элээни гынан оонньот,
Хатыҥ чараҥҥар
Күөх оккун-маскын
Күөмчүлүөхпүт суоҕа,
Күөгэл-нусхал лабааларгын
Көҕүрэтиэхпит суоҕа!
Көрдөһүүбүн ылын,
Күн өттүгүн көрдөр!
Уһун тускул!

Кыраһа #4 1993 сыл.

Суруйда Baaska. 2011-12-06 17:06:32 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ