Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү тардыытыгар, өрүс хочотунтыатыгар, үрэх сииктээх кытылын батыһа үүнэр бары билэр хаптаҕаспытын аһыы хаптаҕас (смородина кислая) диэн ааттыыллар.
Отоно дьылыттан көрөн, от ыйын ортотугар эбэтэр бүтэһигэр, олус хойуутаатаҕына атырдьах ыйын саҥатыгар ситэр. Аһа - элбэх сиэмэлээх, кыһыл өдҥнөөх, сыта суох, аһыы амтаннаах, убаҕас сүмэһиннээх отон. Күһүөрү саахара элбээн минньийэр. Хаптаҕас ханна баҕарар балай да дэлэйдик үүнэр, ол иһин сорохтор анаан минээн күһүҥҥүтүгэр - минньийбит кэмигэр үргээччилэр.
Хаптаҕас ханнык баҕарар көрүҥэ сүҥкэн улахан туһалаах үүнээйи. Отонун көтөр - сүүрэр сиир. Хаптаҕас отоно да, сэбирдэҕэ да сөбүгэр витаминнаах, отоно саахардаах, каротиннаах, органическай аһыыбалардаах. Отонун саахардаан, барыанньа оҥорон сииллэр, арыгы, морс, кисиэл, сироп, хомпуот о. д. а. утах оҥорорго тутталлар. Кыах баар буоллаҕына отонун тоҥнуу уура сылдьан, кыһынын муорстуур бэрт буолар. Сэбирдэҕиттэн витаминнаах чэй оҥороллор.
Саха ыалын халандаара - 2008