- 3 киилэ оҕурсу
- 30 г. укроп
- 50 г моонньоҕон сэбирдэҕэ
- 1 хрен сэбирдэҕэ
- 15 г. (2-3) чеснок
- 280 г туус
- 2,5 л уу
Күөх оҕурсууну ылан төбөлөрүн быс, лаахтаах биэдэрэҕэ эбэтэр көстүрүүлэҕэ симэ ук.Приправалаах рассолунан саба кутаат салфетканы уур уонна тэриэлкэнэн хаппахтаа. Икки-үс хонугунан бэлэм буолар. Бэлэмнэммит оҕурсуну 2-3 күн устата сиэниллэр.
Наталья Попова, "Мүрү саһарҕата" Балаҕан ыйын 17 күнэ, 2005.