- 500 г сибиэһэй тэллэй
- 1 кг сибиэһэй хаппыыста
- 1 туустаах оҕурсу
- 1 эриэппэ луук
- 2 улахан ньуоска томат – пюре
- 1-2 кыра ньуоска сахар
- 2 улахан ньуоска арыы
Хаппыыстаны синньигэстик кырбаан көстөрүүлэҕэ угаллар. Кыратык арыы, уу эбэн, хаппахтаан 1 чаас бүтэйдии буһараллар. Таһаарыах 15-20 мүнүүтэ иннинэтомат-пьюре, сахар, туус, биэрэс, лобуруобай сэбирдэх, уксус эбэн биэриллэр. Тэллэйи ыраастаан, сууйан, оргуйа турар ууга кутан 10-15 мүнүүтэ оргуталлар. Онтон кырбаан арыыга ыһаарылыыллар. Тэллэйи миискэҕэ кутан баран, хобордооҕор луук ыһаарылыыллар уонна тэллэйгэ булкуйаллар. Оҕурсу кырбаан эбэллэр, туус, биэрэс куталлар.
Буспутун кэннэ хаппыыстаны аҥаардаан, арыылаах хобордооххо сүөкүүллэр. Ол үрдүнэн тэллэйин онтон ордубут хаппыыстаны саба куталлар. Мээккэ суухаранан бүрүйэн баран, арыынан тибиирдэллэр уонна духуопкаҕа уган буһараллар. Остуолга тардыах иннинэ солянкаҕа лимон тоорохойун угуохха сөп. Тэллэй солянканы туустаах хаппыыстаны да кытта буһарыахха сөп.
"Кыым" хаһыат 2016 с. балаҕан ыйын 8 күнэ