Бу - олус минньигэс, иҥэмтиэлээх уонна дэбигис көстөр , борустуой састааптаах ас.
Туох наадата:
- 1 эриэппэ луук
- 1 чеснок өлүүскэтэ
- 2 улахан моркуоп
- 1 ыстакаан кыра гына кырбаммыт укуруоп
- 4 лавр сэбирдэҕэ
- 6 төкүнүк хара биэрэс
- 4 остолобуой ньуоска хартыыһа бороһуога
- 4 остолобуой ньуоска туус
- 1 ыстакаан саахар
- 1 ыстакаан 9 быраһыаннаах уксуус
- 1 ыстакаан үүнээйи арыыта
Астаныыта:
Моркуобу теркалыыбыт, оҕурсууну, луугу, чесногу кырбыыбыт, ол кэннэ үөһэ ааттаммыт састаабы кытта барытын булкуйан баран, биир суукка ыараханынан баттатан хонноробут. Дьэ уонна эттэн ҥоһуллар ханнык баҕарар бүлүүдэни кытта сиэххэ сөп.
Светлана Тимофеева суруйуута. "Кыым" хаһыат. Атырдьах ыйын 3 күнэ 2006 сыл.