Былыр маҥнай саһыл эһэлиин бэрт эйэлээхтэр үһү. Биирдэ көрсөн кэпсэппиттэр. Эһэ:
- Эн туохтан ордук куттанар буолаҕын? - диэн ыйыппытыгар саһыла:
- Мин икки атахтаахтан ордук куттанабын, - диэбит.
Онуоха эһэтэ:
- Пахай, икки атахтаах бэлэм ас буоллаҕа дии. Хата, мин ордук куттанарым - ити сайын чачыгырыы түһэн баран дулҕа быыһыттан атаҕыҥ анныттан көтөр кыыл, - диэбит.
Саһыла туран:
- Холоонтон да куттанаахтыыр эбиккин. Дьэ эрэ, икки атахтааҕынан биир аппаны толор, мин эн куттанар көтөргүнэн биир аппаны толоруом, - диэбит.
Эһэтэ сөбүлээбит, онон арахсыбыттар.
Саһыл үөмэ сылдьан үгүрүөнү дөлбү тутан аппатын толорон кэбиһэн баран эһэтин ирдии ыалга барар. Ол тиийэн көрбүтэ: эһэтин сиэн баран баһын уҥуоҕун төҥүргэскэ иилэн кэбиспиттэр.
- Оо, эрэйдээх, сөбүгэр да буолан баран киһиргиир эбиккин, - диэбитинэн саһыл эһэ баһын уҥуоҕун сиргэ ылан быраҕар.
Онтон ыла саһыл эһэлиин кыр өстөөх буолтара эбитэ үһү.
Г.У. Эргис "Саха остуоруйалара". Бичик - 1994. 27 стр.