Кытыан - ураты суолталаах эмтээх үүнээйи. "Туораах отонун" мутукчатын, хатырыгын балаҕан ыйыттан хомуйаллар.Сиппит сиэмэлээх "туораах отон" сымала сыттаах, курас амтаннаах буолар.
Киһи иһигэр уу үөскээтэҕинэ, хабах сүһүрдэҕинэ, ууну таһаарарга, ииктэтэргэ, тыынар уорган сүһүрдэҕинэ, сөтөлүннэрэргэ. силлэтэргэ, ас буһарыытын тупсарарга оргуйбут ууга бэлэмнэммит "туораах отон" суурадаһынын иһэрдиллэр.
Кытыан мутукчатын, хатырыгын ханнык эмэ арыыга булкуйан дьарҕаны (арамачыыс) оҕунуохтууллар. Маныаха испииргэ оҥоһуллубут сурадаһын ордук туһалаах.
Итини тэҥэ кытыан лабаатын уматан дьиэни ыраастыыллар.
"Эмтээх үүнээйилэр" "Кыым" хаһыаттан. 03.05.2012 сыл. Автора суруллубатах.