.
|
|
Билигин сайтка 4 киһи баар |
БYГYН: Мүөттээх сиик түһэр. Сүмэһин таһаарар үүнээйи аһылыктаах үөн - көйүүр тиллэр, ыам кумаара түһэр. Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Дьиэ кэргэн
Дьон, уруу-аймах сахалыы ааттара
- Уол, эр киһи, аҕа, убай, эһэ.
- Кыыс, дьахтар, ийэ, эдьиий, эбэ.
- Бии - бииргэ тереебүт уолаттар улаханнара.
- Ини - бииргэ төрөөбүт уолатар кыралара.
Сиһилии
Дьиэ кэргэн
Эдэр ыалга
Кыыс-кийиит, уол - күтүөт. Ыал буоларга быһаарынан, ЗАГС дьиэтин боруогун атыллаан киирэн сайабылыанньа биэрдигит. Маннык дьоһуннаах хардыыны оҥоруоххут иннинэ тугу толкуйдаатыгыт?
Сиһилии
Дьиэ кэргэн
Оҕону ааттааһын
Тохсунньуга, Таҥха Хаан ыйыгар төрөөбүт киһи бүтэй, быстыбат бырдылаах, номоҕон, дьаныардаах, үлэтин тиһэҕэр тириэрдэр, сэрэйигэс, айылҕа этэрин батыһар, мындыр, бигэ тускулаах буолар.
Сиһилии
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|