Ийэнэн эһэ - ийэ төрөөбүт аҕата
Ийэнэн эбэ - ийэ төрөөбүт ийэтэ.
Ийэнэн эдьиий - ийэ эдьиийэ, аҕаһа, эбэтэр балта.
Таай - ийэ бииргэ төрөөбүтэ, биитэ, убайа эбэтэр эбэ биитин эмиэ ааттыахха сөп.
Таай эһэ - эбэни кытта бииргэ төрөөбүт эр киһи, оҕонньор.
Таай аҕас - ийэни кытта бииргэ төрөөбүт эр киһи кыыһа. Сааһынан кэпсиир киһиттэн аҕа.
Таай балыс - эмиэ итинник эрээри, сааһынан эдэр.
Таай бии - ийэни кытта бииргэ төрөөбүт эр киһи уола. Сааһынан кэпсиир киһиттэн аҕа.
Таай ини - ийэни кытта бииргэ төрөөбүт эр киһи уола. Ол гынан баран сааһынан балыс.
Огдообо ийэ - кэргэнэ, эрэ өлөн оҕолордоох хаалбыт ийэ.
Арахсыбыт ийэ - кэргэнэ, эрэ киниттэн арахсан барбытын кэннэ оҕолордоох хаалбыт ийэ; бэйэтэ эриттэн арахсыбыт оҕолордоох дьахтар.
Саха ыалын халандаара - 2013