Имиллэ илик эһэ тириитигэр олорбот, сыппат (эһэ курдук киһнээх оҕо төрүөн сөп).
Кус, куобах сүрэҕин сиэбэт (куттас оҕо төрүөн сөп).
Толунньаҥы сиэбэт (сулуллубут уҥуох курдук куһаҕан дьүһүннээх оҕо төрүүр).
Дьиэ аанын боруогар, модьоҕотугар олоруо суохтаах (төрүүрүгэр оҕото тааһын уҥуоҕар кыбыллыан сөп).
Булт баһын сиэбэт (булчут булда ханнар, Баай Байанай быртаҕырҕаанбулду чугаһаппат)
Сыарҕа өтүүтүн быһа хаампат, хомуйан баран биирдэ ааһар (атыллаатаҕына эбэтэр тэбистэҕинэ, оҕото киинин моонньугар эринэн кэлэр)
Айаҕа өлбүт кыыл тириитин, уҥуоҕун тэпсибэт (тэбистэҕинэ, ол булчукка Байанай тосхойбот)
Ип-итии аһылыгы сиэ суохтаах.
Киһи өлбүт дьиэтигэр киириэ суохтаах.
Өлбүт киһи хоолдьугатын аһыттан аһыа суохтаах.
"Чөл буолуу кистэлэҥнэрэ 2010" Халандаар.