Оҕо бэрээдэктээх буоларыгар усулуобуйата тэрийиҥ. Оҕо "мин сүргэм, доруобуйам, үөоэҕим, олоҕум барыта бэйэбиттэн уонна дьону, төрөппүттэрбин кытта сыһыаммыттан тутулуктаах" диэн өйгө-санааҕа кэлиэхтээх.
Оҕону өйдүү сатаан: туохтан үөрэрин, хомойорун, бэрээдэгэ хаһан үчүгэйин, мөлтүүрүн, ханнык буруйу оҥордоххо бырастыы гыныахха сөбүн.
Ийэ оҕотун хаамыар диэри ньээҥкэлиир, оскуолаҕа киирдэҕинэ учуутал, тренер оруолун толорор, консультант буолар. Маны сэргэ өссө доҕор оруолун эмиэ толоруҥ. Оҕо куһаҕан буолан төрөөбөт, иитиитэ тиийбэтиттэн куһаҕан буолар.
Оҕоҕут кими кытта доҕордоһорун билэ сылдьын. Биир эмэ атаһа олус баттыыр, сэниир буоллаҕына, орооһоргут ордук.
Оҕо оҥорбут алҕаһыттан уруок ыларыгар, ыарахаттары, стреһи чэпчэкитик аһарарыгар үөрэтиҥ. Чэбдик олоҕу кыратыттан көҕүлээтэххитинэ, оҕоҕо бу үгэскэ кубулуйуо. Киһи эрэ барыта үчүгэй төрөппүт буолан төрөөбөт. Иитиигэ үйэн тухары үөрэнэҕин.
Саха ыалын халандаара - 2012