.
|
|
Билигин сайтка 4 киһи баар |
Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Оҕо ымыыта
- Саҥа хатыҥы быһан ылан, төбөтүгэр сылгы аарыгын баайан баран, ону үөттүрэх гына-гына дьиэ иһин барытын кырбыыллар. Уокка сиэммит өттүн уокка төбөтүн сиэтэн баран, киэһэ утутарга. Ол аата "чуучуһу" куһаҕан абааһыны куттаан гыналлар. Оҕолоох ыал иннэ гынар.
- Дөлүһүөн угун быһан ылан баран, оҕо уйатын анныгар уган кэбиһэллэр уонна ылан эмиэ дьиэ ис өттүнэн тула кырбыыллар.
- Үс үчэһэни оҥорон баран ол төбөтүгэр хоруонан умньаан баран оҕо уйатын иһигэр анньан кэбиһэллэр, туруору, оннун икки хаптаһыныникки ардыгар.
- Этиҥ түспүт маһын булан уонна уматан баран сибиэн билинээччигэ "һуопчик" дии-дии дьиэ маһын кырбыыллар. Онно этэллэр: үөһэ дьабыннаах үөһэ барын, аллараа дьабыннаах аллара барын!
- Хоох (эһэ) мэйиитин тириитигэр сууланар уонна оҕо үрдүгэр уураллар. Туох эмит үчүгэйи аһаатаххына, бу эһэ баттаҕын ол сыатынан уунахтанар. Оҕо куһаҕан, киҥнээх буолар, ол эһэ баттаҕын, баһын, ытыһын уунахтаатаххына , үчүгэй майгылаах оҕо буолар.
Научнай архивтан. 1940 сыллаахха Абыйга 68 саастаах Никулина Евдокия Константиновна тылыттан суруллубута. "Кыраһа" #7-8, от, атырдьах ыйдара, 1995 сыл.
Суруйда Baaska. 2011-12-12 02:00:05 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|