Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
Сотору:
1 күнүнэн: 21.04.2025 Күн көрдөҕүнэ, сайына ичигэс, былыттаах күн сайына куһаҕан.
3 күнүнэн: 23.04.2025 Паасха. Чуумпу сылаас түүн буоллаҕына сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
4 күнүнэн: 24.04.2025 Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан.
7 күнүнэн: 27.04.2025 Республика күнэ
11 күнүнэн: 01.05.2025 Маай бырааhынньыга.
         
    

Дьиэ кэргэн — алгыс уйата буолуохтаах

Дьиэ кэргэн, эбэтэр эр киһи уонна дьахтар бу сиргэ тоҕо баарбытын, туох соруктаах буолуохтаахпытын өйдөөбөт буоллахпытына, ол элбэх кыһалҕаны үөскэтэр: бэйэбит олохпутугар, общество уонна общество нөҥүө сир сайдыытыгар барытыгар. Билии хаһан баҕарар сөп дьайыылары, оттон сөп дьайыылар сайдыыны аҕалаллар.

Общество ячейката — дьиэ кэргэн. «Дьиэ кэргэн диэн тугуй?» — диэн ыйытыыга, саамай судургу эппиэт: аҕа, ийэ уонна оҕо (оҕолор) диэн буолар. Хомойуох иһин, куруук маннык буолбат: сорох дьиэ кэргэҥҥэ аҕалара, сорохторго ийэлэрэ, сорохторго оҕолоро суох буолар. Дьиэ кэргэн диэн киһи ахсаана буолбатах. Дьиэ кэргэн диэн сыһыанынан холбоһо сылдьар дьоннор. Чуолаан эттэххэ, сыһыан дьиэ кэргэни үөскэтэр. Дьиэ кэргэн хаачыстыбата сыһыан хаачыстыбатынан быһаарыллар. Онон кэргэннии олохпутун бука бары үрдүктүк тутуохтаахпыт, ыал дьон бэйэ-бэйэбитигэр бэриниилээх буолуохтаахпыт.
Дьон дьиэ кэргэн тэринэн төрүөхтээхтэр — ууһуохтаахтар, элбиэхтээхтэр, сири толоруохтаахтар, бас билиэхтээхтэр. Киһи — сири оҥорор, харыстыыр, алгыс аҕалар хаһаайын. Бу буолар киһи, дьиэ кэргэн соруга. Дьиэ кэргэн баар сирэ барыта олус үчүгэй, олордуу тыа курдук тупсаҕай, дьикти-кэрэ буолан иһиэхтээх. Манна дьулуһуохха наада! Онон государство болҕомтото «норуот» диэн тылга буолбакка, маҥнай «дьиэ кэргэн» (ыал) диэн тылга ууруллара буоллар сөп буолуо этэ дии саныыбын.
Эр киһи кэргэн ылар, дьахтар кэргэн тахсар. Мантан сиэттэрэн – эр киһи аҕа баһылык, дьахтар көмөлө´һөөччү диэн өйдүүбүт. Бу дьиэ кэргэҥҥэ баар буолуохтаах бэрээдэги көрдөрөр. Баһылыкка улахан эппиэтинэс ууруллар: дьиэ кэргэн сайдыытыгар, сыалын ситиһиитигэр. Баһылык оруола тойорҕооһун буолбатах, тапталынан батыһыннарыы, иһитиннэрии. Көмөлөһөөччү буолуу баттаныы буолбатах, алгыс буолуу. Холобур, мин биир тэрилтэҕэ доҕорбунуун үлэлии сылдьыбытым. Мин дуоһунаспынан эрэ үрдүк этим, кини син биир миэхэ доҕорум этэ. Доҕорум мин мөлтөх өрүттэрбин күүһүрдэн биэрэрэ. Биһиги сыһыаммыт онтон кыратык да мөлтөөбөтөҕө, өссө тупсубута. Бэйэ - бэйэбитигэр эрэлбит өссө үрдээбитэ.
Эр дьоннор, дьиэ кэргэн баһылыктара болҕойуҥ! Эр киһи баһылык буолар оруолуттан, эппиэтинэһиттэн ураты дьахтартан тугунан да үрдүгэ суох. Эр киһи уонна дьахтар иккиэн тэҥ бырааптаах дьон буолаллар, бэйэ-бэйэлэрин толорон эрэ биэрэллэр. Дьахтар элбэх ыраас көмүстээҕэр сыаналаах, тэтэрээт да лииһинээҕэр чараас олус күндү курустаал иһит курдук. Онон киниэхэ онно сөптөөх сыһыан баар буолуохтаах: таптал, харыстабыл. Бу сирдээҕи олоххо бэриллэр бэлэҕи, күндү «иһити» содур сыһыанынан алдьатыы – өйө суох быһыы. Саха эр киһитэ аналгын, аҥааргын, саамай чугас доҕоргун, көмөлөһөөччүгүн – ойоххун сыаналаа! Кинилэр эппиэтинэстээх, дьайыылаах, хорсун, таптыыр кэргэҥҥэ (баһылыкка) наһаа наадыйаллар, оннук киһи көмөлөһөөччүтэ буолуохтарын, киниэхэ бас бэриниэхтэрин олус баҕараллар.
Мин саамай сөп сүбэни биэрдим дии санаммаппын. Баҕар, биир эмэ киһиэхэ көмө буолуо диэн санаанан салайтаран суруйдум. Бу сурук биир да киһиэхэ туһалаатаҕына, мин сүрэҕим халлааҥҥа тиийэр олус улахан үөрүүнэн туолуо.

Евгений ЕРЕМЕЕВ. "Саха сирэ" хаһыат.

Суруйда Baaska. 2011-12-07 22:58:27 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ