Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 11 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

Сотору:
2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл.
4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр.
6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү.
8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах.
13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
         
    

Оҕо тыла

Оҕо тыла оҕону иитэргэ анаан суолталаах. Былыргылар оҕо төрүөҕүттэн ыла үчүгэйи - куһаҕаны араара үөрэниэхтээх диэн этэллэрэ. Дьэ онно оҕо тыла төрүт буолар.

  • "Чээ" - биһириири, үчүгэйи, кэрэни көрдөрөр тыл.
  • "Па" - куһаҕаны, сиргэнэри көрдөрөр.
  • "Чыыс" - ииктээ диэн суолталаах.
  • "Каака" - куһаҕан диэн суолталаах.
  • "Һыы" - сыынктаа диэн суолталаах
  • "Тай!" - итии. сэрэн дтэн суолталаах.
  • "Чыычый!" ("Дьыы", "дьыыьый"blink1.gif - сэрэн, кутталлаах диэн.
  • "Бу" - көстөр малы - салы билиһиннэрэр тыл.
  • "Мэммэ" - эм диэн суолталаах.
  • "Ньэм" - аһаа диэн суолталаах тыл.
  • "Ам" - минньигэһи бэлиэтиир.
  • "Мэ" - ыл диэн суолталаах тыл.
  • "А" - аҕал диэн суолталаах тыл.
  • "Хаах" = силлээ диэн.
  • "Айа" - ыалдьары бэлиэтиир.
  • "Ыый-ыый" - ытыыры бэлиэтиир тыл.
  • "Сык" - сыллаа диэн суолталаах.
  • "Баай-баай" - утуй диэн суолталаах.
  • "Топ-топ" - хаамп диэн.
  • "Һоп-паа!" - өрө ыстан диэн.
  • "Һук-каа!" - сэрэн диэн суолталаах тыл.
  • "Бух" - оҕунна диэн.
  • "Уой" - соһуйууну көрдөрөр тыл.
  • "Өөх" - өлбүт диэн суолталаах, о.д.а.

Халандаар, 2006

Суруйда Baaska. 2011-12-07 22:04:23 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ