.
|
|
Билигин сайтка 3 киһи баар |
Сотору: 2 күнүнэн: 10.06.2025 Дьахтар күүлэйдиир күнэ. Сайылыкка көһүү сүпсүлгэнэ бүтэн, нус - хас үүт тураан күннэр үүнэллэр. Уоскуйбучча дьахталлар оҕолорун батыһыннара сылдьан, кырдьаҕас хатыҥ маска салама ыйыыллар, алаадьы буһаран сыт таһаараллар. Өгүрүө кэлэр. Дөлүһүөн сибэккилэнэр, сардаана тыллар. Бу күн чуумпу - үчүгэй үүнүүлээх дьыл. 4 күнүнэн: 12.06.2025 Российскай федерация суверенитетын кунэ. Ыраас, куйаас, чэмэлкэй күннэр. 6 күнүнэн: 14.06.2025 Самаан сайын са5аланар кэмэ. Ыhыахтар са5аланаллар. Ардаатаҕына - үчүгэй үүнүү. 8 күнүнэн: 16.06.2025 Бугун хотуттан, ар5ааттан тыалырда5ына - сайына ардахтаах. 13 күнүнэн: 21.06.2025 ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
| |
Билгэ
Күн Куйаарыма кинигэтинэн билгэ.
Билгэлэнэргэ биир киhи күҥҥэ биирдэ эрэ баттыахтаах, ол кэннэ утуу субуу хаста да баттаабытын аахсыллыбат, маҥнайгы эрэ сырыын дьиҥнээх буолар.
БИЛГЭЛЭН <--баттаа
|
|
Оҕону иитии
Оҕону итии диэн: - Оҕо сүрэҕин баҕатын, олоххо көмүскэллээх буоларын, дьон тэҥинэн сананарын толуйуу;
- Тапталынан оҕо иэйиитин уһугуннаран, сайыннаран үтүө санаатын тилиннэрии;
- Оҕоҕо сиэрдээх майгыны эрэл-итэҕэл көмөтүнэн олохсутуу.
- Норуот муудараһа этэринэн, удьуор тыынын илдьэ сырыт уонна оҕоҕор иҥэр - оччоҕо оҕобун ииттим дэниэххин сөп.
Оҕону иитии олуктара - үөрэтии, биһирээһин, буойуу. Үөрэтии ньымаларынан билиһиннэрии, өйдөтүү уонна көрдөрүү буолаллар. Онтон биһирээһин диэн оҕо санаатын көтөҕөргө туттуллар - сүбэ, сэҥээрии, хайҕабыл, көҕүлээһин. Сиэрдээхтик буойан иитии суолтата улахан, оҕону сыыһа суолтан тэйитэргэ сэрэтэллэр, сэмэлииллэр, бопсоллор. Оҕо улаатар кэмигэр төрөппүттэрин, аймах-уруу дьонун харахтарын далыгар сырыттаҕына сыыһа-халты үктэммэт. Чөл буолуу кистэлэҥнэрэ. Халандаар - 2010
Суруйда Baaska. 2011-12-07 02:14:35 +10.
|
|
^ Үөһээ DIV >
|
|
|