Урут оҕо сылдьан сайын аҕабынаан аҕам убайыгар окко көмөлөhө сылдьарбыт. Киэhээ алааспытыгар үүтээн таhыгар утуйаары сылдьан бары остуолга чэй иhэ олоробут,
ол олордохпутуна чуумпуга ыраахтан трактор айаннаан иhэрэ иhилиннэ, 20-чэ мүнүүтэнэн биир сабыыс саҥа Беларусь трактор алааска киирэн КДП охсорун түhэрэн охсуллубут сиргэ оҕустарар курдук арыылаан барда, дьоммут соhуйдулар хайдах буолбут киhиний диэн баран убайдаах аҕам күөлү эргийэ дьикти киhиэхэ бардылар. Мин эhээм, быраатым уонна икки убайым буолан балык сии хааллыбыт, убайдарым: "Туох дьикти киhитэй, чугас алаастарга маннык сана тыраахтардаах киhи суох буолуохтаах этэ" энин диэн кэпсэтэ олордулар. Барбыт дьоммут сирдэрин аҥарыгар ситэ тиийбэккэлэр эрэ эргийдилэр да түргэн хаамыынан төттөрү төнүннүлэр. "Хайа, хайалара эбитий?" -диэн ыйыта тоhуйдубут, дьоммут саҥата суох олорон табаахтаан эҥин баран аҕам убайа эттэ: "Бааска сылдьар" - диэн ( Мин аҕам аата Бааска диэн ), чугаhаан иhэн көрбүттэрэ тракторга аҕам эдэр эрдэҕинээҕитинэн олорор үhү, адьас биhи диэки хайыспат үhү, охсорун көрөн баран олорор үhү. Биhи куттанан барбыппытыгар аҕам: "Чэ, наhаа куттаныман, салгыҥҥа олорон хаалбыта көстөрө буолуо" - диэбитэ (урут совхоз саҕана аҕам тракторист этэ). Онтон 3-4 хонон баран күтүөппүт 2 уолун илдьэ от кэбисэргэ көмөлөһө кэллибит диэн кэлбиттэрэ, эбиэттии олорон күтүөппүт кэпсиир - бээhээ күнүс от бугуллуу сырыттахпытына биир одинарка матасыыкыллаах киhи бугуллары быыhынан айан суолунан түргэн баҕайытык элээрдэн иһэр эбит - диир, тоҕо бу үлүгэр куйааска итиччэ түргэнник көтүтэн иhэр киhи буора бур5айбат ба5айыный диэн муодарҕыы турдахтарына бу олох чугаhаан аттыларынан 20 миэтэрэлээх сиринэн кэлэн ааспыт, аҕам олох эдэр эрдэҕинээҕитинэн олорор үһү. Ыҥыран эҥин көрбүттэр да олох наадыйбат, көрбөт курдук туттан кэлэн ааhа турбут үhү. Ону дьоммут туох эрэ буолтар быhылаах диэн билэ көрө таарыйа көмөлөhө диэн кэлбиттэр эбит. Киэhээтигэр аhыы олорон мээнэҕэ инник салгыҥҥа көстүбэтэҕин буолуо онон арчылан диэн нөҥүө күнүгэр биир алгысчыт эдьиийигэр баран арчыланан кэлбитэ. Ол кэннэ этэҥҥэ хата туох да буолбатаҕа. Айылҕаҕа салгыҥҥа олорон хаалбыт көстүүлэр, ханнык эмит бириэмэҕэ көстөн ааhаллар эбит...
Http://vk.com сайттан. Алексей Яковлев суруйуута