Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 5 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
Сотору:
1 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
4 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
5 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
6 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
7 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
8 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
11 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
12 күнүнэн: 03.07.2025 ГАИ күнэ
         
    

Көмүс

Уус-Алдаҥҥа Курбуһах нэһилиэгиттэн 30 км Харалаайы диэн улахан Эбэлээх алаас баар. Онно 9 ойуун көмүллэ сытар дииллэр. 

Кыдьаҕастар кэпсииллэринэн ити эҥэр хайа эрэ диэки элбэх көмүс, сыаналаах таастардаах сундук көмүллэ сытар үһү, дьэ ол сундук хаһан эмит дьолун, тугун барытын сүтэрбит, ыксаабыт, олох бүтээри сылдьар киһиэхэ бэйэтэ көстөн кэлиэхтээх үһү. Билиҥҥитэ ким да була илик... 

Http://vk.com сайттан. Владимир Бурцев суруйуута.

Суруйда Baaska. 2013-01-21 14:29:11 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ