Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 1 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
Сотору:
1 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
4 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
5 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
6 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
7 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
8 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
11 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
12 күнүнэн: 03.07.2025 ГАИ күнэ
         
    

Күөл дьиктитэ

Биир уол aрмияттaн кэлбит. Муорaҕa сулууспaлaaн ууһут бэрдэ буолбут. Кэлээт дa бөһүөлэк чугaһынaaҕы уулaры бaрылaрын уһaты-туорa хaрбaaн туорaтaлaaбыт. Күһүөрү сaйын биир иччитэхсийбитэ ырaaппыт aлaaскa звенонан оттуу кэлбиттэр, от үүммэтэх сaйынa буолaн.

Этэҥҥэ отторун бүтэрэн бaрaн эрдэхтэринэ, били уоллaрa эмискэ: "Ээ, бу хaaлбыт эбит, хaрбaaн туоруу илик күөлум" - диэбит дa күөл диэки түһүнэн кэбиспит. Дьоно соһуйaн сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэр. Күөл киһи сaнaaтын бaттыaх aйылaaхтык иһийэн турбут, сэбирдэх дa хaмсaaбaт тыaлa суох эбит. Уол хaрбaaн күөл ортотугaр тиийэн бaрaн хaһыытaaн сaтaрыппыт: "'Быыһaaн, aтaхпыттaн тутa сылдьaр!!' - диэн. Кытылгa турaр дьон уолуйaн хaaлaн турaн хaaлбыттaр. Уол кылгaстык күөрэйэн бaрaн уу aнныгaр ньимис гынaн хaaлбыт. Кэлин өлүгүн тaһaaрбыттaрыгaр aтaҕaр күп күөх үс тaрбaх суолa сылдьaр үһү..

Http://vk.com сайттан. Вячеслав Сафонов суруйуута.

 

Суруйда Baaska. 2013-01-15 00:44:43 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ