Рейтинг@Mail.ru
Эйгэ

.

Эйгэ


Билигин
сайтка 3 киһи
баар

Биллэриилэр Сонуннар Кэпсэтии

БYГYН: ЫhЫАХ КYНЭ. Этиҥ этэрэ элбиир. Сыыс оту, кучуну үргүүллэр, бүгүйэх тиллэр, ынах үүтэ тардар. Көтөр сымыыт баттыыр үгэнэ. Эһэ, саарба иссэр, тайах төрүүр, андаатар ууһуур, ороһу биэ төрүүр. Туос хам сыста илигинэ хастанар. Ыһыах буолар. Этиҥнээх ардах түстэҕинэ - от хомуура мөлтөх.
Сотору:
1 күнүнэн: 22.06.2025 Саамай уһун күн.
4 күнүнэн: 25.06.2025 Сайын иэ5иллиитэ, дьыл саамай уhун кэмэ. чырылас ыллыыр. Күлгэри ыллыыр дииллэр.
5 күнүнэн: 26.06.2025 Өкүлүүнэлэр күннэрэ. Күн кылгаан барар. Бу күнтэн Саха сирин хоту өттүгэр бырдах хойдор, бастакы түптэ оттуллар.
6 күнүнэн: 27.06.2025 Ыччат күнэ. Ый туолуута. Ый бүтэһигэр "мас кэхтэр" тыала түһэр, онтон ардах түһэрэ от- мас үүнэригэр туһалаабат.
7 күнүнэн: 28.06.2025 Рационализатор күнэ.
8 күнүнэн: 29.06.2025 Тиэхээн күнэ.
11 күнүнэн: 02.07.2025 Спортивнай суруналыыс күнэ
12 күнүнэн: 03.07.2025 ГАИ күнэ
         
    

Түүҥҥү дьон

Саҥа дьыл быраьыньыгын кэннэ оҕоньор утуйа сытан уһуктубут, туалеттыы тахсаары, тахсан олордоҕуна дьон кэпсэтэллэрэ иһиллибит, көрдөҕүнэ таһыгар туралар эбит, "ээ уолаттарым" дии санаабыт, хараҕынан мөлтөх буолан кыһаллыбатах, онтон үчүгэйдик көрдөҕүнэ хааһа суох, мап маҥан дьоннор эбит. 

Ол дьоно: "Эйиигин ыла кэллибит" диэбиттэр, уонна ылан барбыттар, ойбоҥҥо ылан киирбитэр, оҕонньор үчүгэйдик көрдөҕүнэ билэр кыыһа олорор эбит, урут ууга түһэн өлбүт кыыс, өлбүт кыыс кэлэн саҥарбыт:  "Доробо, эн урут ветеринар этин, ол иһин мин эйиигин ыҥыттардым, ынахпыт төрөөрү гыммыт, ынаҕы төрөт, оччоҕо ити аҕалбыт дьон харчы биэриэхтэрэ, ону эн ылымаар сыыскытыттан бэрсин диэр, уонна дьиэҕэр тиийэн муостаҕар ыһаар, хараххын эмтэтэргин умнумаар, онтон арай бирдэ эмит көрдөххүнэ билбэтҕэ буолар" - диэбит. Оҕонньор сүөһүтүн көрөн бүппүт, онтон ол дьон кэлэн харчыны биэрэ сатаабыттар, оҕонньор "суох" диэн испит уонна: "Дьиэҕит сыыһыттан бэрсин, уонна харахпын көрөр гынын" диэбит. Онтон ол дьон харыһыйар курдук туттан сиэбигэр бөх уган биэрбиттэр. Оҕоньор уһуктан кэлбит, түүл дии санаабыт, уонна сонун сиэбин хаһыспыта сыыс бөҕө, хараҕа үчүгэйдик көрөр буолан хаалбыт, соһуйбут уонна сыыһын тиийэн ыспыт, онтон ыла оҕонньор соторунан байан барбыт. Арай ыһыахтыы сылдьан ол  дьонун көрбүт, уонна дорооболоспут, ол дьон ынырык баҕайытык көрбүттэр, ол кэннэ оҕонньор көрбөт буолбут уонна дьадайан барбыт. "Сөлөкүүттэр итиэнник буолаллар эбит, бостуой саҥаран, көрбөт буолан олоробун"  - диир  үһү, оҕонньор.

http://vk.com сайттан. Акулина Егорова суруйуута. 

 

Суруйда Baaska. 2013-01-10 20:03:01 +10.



    
Яндекс.Метрика Рейтинг@Mail.ru
^ Үөһээ