1999 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууhугар,Төхтүртэн Маандай диэн сайылыкка аҕабынаан сатыы хааман иhэбит. Балаҕан ыйын ортото этэ, быhа холоон 4-5 ааhыыта. Күн чаҕылыччы тыган аҕай турар. Маандайтан 4 км сиргэ "Ойуун аартыга" диэн сир баар. Онон быhалыы киирдибит. Сыыры таҥнары сып-сап сүүрэн түhэн бааhынаҕа баар буола түстүбүт (урут хортуоппуй бааhыната этэ).
Бааhынаны ортолоон эрдэхпитинэ дьахтар хаhыыта халлааҥҥа өрө сатырыы түстэ: "АБЫРААН, КӨМӨЛӨhҮН" - диэн хаhыы бөҕө. Аны отой чуп-чугас хаhытыыр да ким да көстүбэт. 100-тэн тахса гектардаах сир, истиэп курдук ыраас, остуол ньуурун курдук көнө. Эппит сааhа аhыллан хаалла да, буут быстарынан ыстаныы буолла. Отой ол тухары батыhа сылдьар хаhыыбыт. Маандайга тиэргэммитигэр киириэхпитигэр дылы сырыстаҕа үhү. Дьиэ иhигэр көтөн түстүбүт. Ийэлээх балтым биhигини кэтэhэн ас астыы сылдьаллар эбит. Өссө кырдьаҕас эдьиийбит Зоя киирэн олорор эбит. Сирэй-харах буолбуппутун көрөн ыйыталаhыы бөҕө. Кэпсээн биэрдибит, онуоха эдьиийбит түргэн соҕустук уот отуннаран аhатта-алҕаата. Дьэ онтон киэhээ кэпсээбитэ. Былыр сэрии саҕана оҕонньору кытта эдэрчи кыыс Саха Бэстээҕиттэн ат тэлиэгэтигэр уонча куул исбиэскэ тиэйэн испиттэр. Ону ити бааhына аттынан ааhан истэхтэринэ, сиир бурдук тиэйэн иhэллэр диэн хара дьай санаалаах дьон тоhуйан оҕонньору өлөрөн, кыыhы күүhүлээн-эрэйдээн өлөрбүттэр үhү. Онтукалара ол хайа эрэ кэмҥэ көстөн эбэтэр хаhыы буолан хаадьылаан ааhар эбит. Ити кэннэ эhэбит оҕонньор акка тэптэрэн киhи аҥаара буолта. Саамай дьиктитэ диэн эhээхэй эрдэхпиттэн, сайын ахсын Маандайга сайылааччыбын. Оҕо сылдьан түүннэри күннэри сылдьар этибит да ол сиргэ туох да биллээччитэ суоҕа.
Http://vk.com сайттан. Егор Скрыбыкин суруйуута.