Биирдэ күһүөрү кус оҕото көтөн эрдэҕинэ 10-ча километр ыраах сытар күөлгэ куустуу барбытым. Эргэ миинискэйим барахсанынан тарылатан күөлбэр тиийдим. Күөлу кыйа хаама сырыттым, биир да кус суох.
Арай үрэх төрдүгэр муус маҥан таҥастаах киһи турар, уонна миэхэ ыһыытыыр, далбаатыыр. "Бээ-бээ, хайалара бачча маҥхайан - киэргэнэн кэллэҕэй" - дии дии ол киһим диэки хаамтым. Саппарайданан тиийдим киһим үрэх уҥуор кэннинэн туох эрэ маһыгар олорор. Мин: "Хайа, дорообо, хайыы сылдьагын" диэбиппэр: "Хайыы сылдьыамый, олордоҕум ди" - диэтэ. Мин "хайдах хайдаҕый, олох билбэт куолаһым, аны сирэйин көрдөрбөт, көхсүнэн олорбутун курдук олорор" диэн дьиктиргии санаатым, төбөбөр тутатына "абааһы бэйэтэ бэйэтинэн олорор" дии саныы түстүм. Ол турдахпына киһим: "Нохоо, бу кустаан сордоно сылдьагын дуо?"- диэбитэ. Мин нэһиилэ "Аһаа" диэтим, ону киһим: "Манна кус суох, түргэнник мантан бар" - диэбитэ. Иннэ диэтин кытта мин суолум диэки хаамтым, эргиллэн кербүтүм бэйэтэ да, олорбут маһа да суох буолбут этэ. Онно тоҕо эрэ олох куттамматаҕым, ити 6 - с кылааһы бүтэрэн баран этэ. Ол кэнниттэн бултуу сылдьан наар ону маны көрөр буолбутум.
http://vk.com сайттан. Максим Полятинский суруйуута.